Дмитрий Медведев: Госдума быыбара чэпчэкитэ суох буолуоҕа

«Биир ньыгыл Россия» актыыбын кытта көрсүһүүгэ баартыйа баһылыга Дмитрий Медведев сотору кэминэн буолаары турар Госдума быыбара уустук буолуоҕун туһунан эттэ.


Дмитрий Медведев этэринэн, былаас уруулугар «Биир ньыгыл Россия» турарынан быыбар эмиэ да судургута суох, эмиэ да чэпчэки буолуоҕа. Баартыйа үлэтэ чопчу түмүктээҕинэн – быыбар балачча чэпчиэҕэ. «Биир ньыгыл Россия» дойдуга баһылыыр-көһүлүүр оруолу ыларынан, киниэхэ элбэх ыйытык үөскүүр. Ол биллэн турар, уустугу үөскэтэр. Баартыйа өттүттэн төһө да өйөбүл баарын үрдүнэн, быыбар кэмигэр Саха сиригэр чэпчэкитэ суох быһыы-майгы үөскүөҕүн кини чиҥэтэн этэр.

«Россия олохтоохторо, ол иһигэр Саха сирин дьоно хайдах быыбардыылларыттан биэс сыллааҕы сайдыыбыт бүтүннүүтэ тутулуктанар», — диэтэ кини.

This post was published on 07.07.2016 12:33 12:33