«Газпром» кыраныысса таһыгар гааһы тириэрдиинэн эрэ буолбакка, тирээн турар кыһалҕалары быһаарыынан эмиэ дьарыктаныаҕа диэн Россиятааҕы миниистирдэр кабинеттарын салайааччыта Дмитрий Медведев от ыйын 6 күнүгэр эттэ. Бастатан туран, Уһук Илиҥҥи уокурук регионнарын гааһынан хааччыйыы буолар.
«Сибиир күүһэ» гаас утаҕа ааһар территориятыгар Саха сирин гаастааһынын туһунан ыйытыыга премьер эпппиэттииригэр, 8 сыл анараа өттүгэр «Газпром» саҕалаабыт бырагыраамата салҕанарын эттэ.
«Саарбаҕалаамаҥ, «Газпромтан» биһиги арахпаппыт! Тэрилтэ кыраныысса таһыгар гааһы тириэрдиинэн эрэ дьарыктаммакка, регионнары гаастааһыҥҥа уонна тирээн турар соруктары толорууга ылсыаҕа. Мин бу теманы «Газпром» дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиэхпиттэн билэбин. Ол кэмҥэ биһиги регионнары гаастааһыҥҥа саамай бөдөҥ бырагырааманы киллэрбиппит. Ол салҕаныахтаах. Сибииргэ уонна европейскай өттүгэр эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥи уокурукка эмиэ», — диэтэ кини.
This post was published on 07.07.2016 11:42 11:42