Дмитрий Коркин турнирыгар Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата чуолкайданна

Дмитрий Коркин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы XII турнир алтынньы 11-12 күннэригэр ыытыллар. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыттан аҕыс ыйааһыҥҥа 66 спортсмен тустара билиннэ.


Саха сирин тустуутун сүүмэрдэммит хамаандатыгар 4 аан дойду кылаастаах спорт маастара, 10 Россия спордун маастара уонна 52 спорт маастарыгар кандидат баар. 57 кг ыйааһыҥҥа республика сүүмэрдэммит хамаандатыттан көбүөргэ 21 бөҕөс тахсыаҕа. Кинилэр истэригэр аан дойдутааҕы кылаастаах спорт маастардара – Арыйан Тютрин уонна Георгий Окороков бааллар. 57 кг тустааччылар испииһэктэрэ: Тютрин Арыйан, Постников Федор, Копылов Петр, Окороков Георгий, Яковлев Быйаман, Константинов Петр, Васильев Михаил, Иванов Уйгулан, Копылов Алексей, Федотов Дьулус, Седалищев Дьулус, Одинаев Зафарбек, Белолюбский Айаал, Авелов Александр, Вензель Егор, Иванов Александр, Ефремов Родион, Илларионов Дмитрий, Григорьев Харысхал, Потапов Егор, Семенов Александр.

18 спортсмен 61 кг ыйааһыҥҥа тустуоҕа. Тустууну сэҥээрээччилэр ордук Эдуард Григорьевка, Семен Владимировка, Петр Павловка эрэллэрэ улахан. Ол гынан баран, атын да тустууктар Саха сирин хамаандатын түһэн биэрбэккэ, үчүгэй киирсиилэри көрдөрүөхтэрэ диэн кэтэһэллэр. 61 кг: Григорьев Эдуард, Владимиров Семен, Павлов Петр, Эспек Виталий, Капрынов Константин, Павлов Яков, Аксенов Дмитрий, Антонов Айхаан, Винокуров Айсен, Захаров Айтал, Кривошапкин Владислав, Кычкин Георгий, Тотонов Дьулусхан, Хурасев Антон, Яковлев Василий, Бочкарев Илья, Сивцев Юрий, Максимов Сергей.

65 кг диэри ыйааһыҥҥа Саха сирин хамаандатын 12 бөҕөс көмүскүө. Бу ыйааһын сүрүн лидерэ, хамаанда капитана Виктор Рассадин көбүөргэ тахсыаҕа. 65 кг: Рассадин Виктор, Потапов Айсен, Захаров Егор, Булатов Дьулустаан, Иванов Николай, Герасимов Егор, Кириллин Петр, Иванов Ньургустаан, Владимиров Вальтер, Гоголев Петр, Данилов Алексей, Макаров Никита.  

70 кг: Ефремов Иван, Самсонов Револий, Барашков Иван, Николаев Тимур, Протодьяконов Юрий, Брощев Ньургустаан. 74 кг: Устинов Герман, Данилов Владимир, Софронов Никита. 79 кг: Копырин Айсен, Ефимов Алексей, Спиридонов Василий.

92 кг диэри ыйааһыҥҥа республика чиэһин Ньургун Сергин соҕотоҕун көмүскүөҕэ. Оттон саамай ыарахан 125 кг ыйааһыҥҥа икки эдэр бөҕөс – Никита Хабаров уонна Эдуард Максимов тустуохтара.

Бу ааттаммыт бөҕөстөрү таһынан турнирга саха легионердара Белоруссия хамаандатыттан Андрей Бекренев, Ньургун Скрябин, Филиппиныттан Егор Дмитриев уонна Москва уобалаһыттан Михаил Иванов киирсиилэрин көрүөхпүт.
Источник: © edersaas.ru сайтан: http://www.edersaas.ru/korkin-turnirygar-kimneeh-tustallaryj/

This post was published on 09.10.2019 16:10 16:10