Дмитрий Коркин бирииһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы IX-с турнирга Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата уопсайа аҕыс мэтээли ылла. Итинтэн икки кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс, түөрт боруонса. Тустуу улахан түһүлгэтин кыайыылаахтарынан Ньургун Александров (57 кг диэри) уонна Егор Пономарев (61 кг диэри) буоллулар.
Турнирга 26 дойдуттан, Арассыыйа 8 регионуттан барыта 138 тустуук кытынна.
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Егор Пономарев, Ньургун Скрябин, Виктор уонна Александр Рассадиннар, Револий Самсонов, Ньургун Александров, Арыйаан Тютрин, Евгений Алексеев, Герман Устинов бааллар.
«Кыһыл көмүһү» Виктор Рассадин аҕалар кыахтааҕа, ол эрээри кини саннын эчэтэн финалга салгыы тустубата. Герман Устиновы Бурятия тустууга Евгений Жербаев кыһыылаахтык хотто.
«Кыайыыга диэри бэрт кыра тиийбэтэ. Мин саныахпар, судьуйалар икки баал оннугар түөрдү биэрдилэр. Мин кими да сэмэлээбэппин, арбитр быһаарыыта – сокуон. Тиэхиньикэни, уопуту эбиэххэ наада. Мин санаабын түһэрбэппин, кыайыыларым өссө да иннибэр», — диир Устинов.
Боруонса мэтээллэри кэппит Арыйаан Тютрин, Александр Рассадин (57 кг диэри), Николай Охлопков (61 кг диэри) уонна Евгений Алексеев (96 кг диэри) кыраһыабай тустууну көрдөрдүлэр.
This post was published on 04.10.2016 15:53 15:53