Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэҥҥэ Өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин дьокутааттарын II сийиэһин чэрчитинэн Саха АССР XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин, 2002-2013 сс. Ил Түмэн III уонна IV ыҥырыылаах Мунньаҕын дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Булуҥ улууһун, Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин, Алдан оройуонун Бөллөөт эбэҥки национальнай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Николаевич Горохов сырдык өйдөбүлүгэр өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын мунньаҕа буолла.
Биир дойдулаахпыт Д.Н. Горохов төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах өйдөбүл мунньаҕын Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков салайан ыытта. Маны сэргэ, Ил Түмэҥҥэ Д.Н. Горохов кэриэһигэр анаммыт «Дальние и сверхдальние лыжные переходы в Якутии» диэн кинигэтин бастакы билиһиннэрии буолла. Ил Түмэн бастакы вице-спикэрэ Александр Жирков Саха Сирин судаарыстыбаннаһын сайыннарыыга Дмитрий Горохов киллэрбит кылаатын бэлиэтээтэ.
– Дмитрий Николаевич икки улууһу төрөөбүт дойдутунан ааҕара. Бастатан туран, күн сирин көрбүт дойдутун – Уус Алданы уонна үөрэҕин бүтэриэҕиттэн олорбут, ыал буолбут, үлэлээбит сирин – Булуҥу. Кини олоҕун дойдутун, норуотун туһугар туруулаһыыга анаабыта. Бүгүн биһиги кини туһунан сырдык өйдөбүлү үйэтитэргэ туһуламмыт кинигэни билиһиннэрэбит. Ил Түмэн бэлэмнээн бэчээттэппит кинигэтигэр Саха Сиригэр 1930 сыллаахтан саҕаламмыт хайыһарынан ыраах айаннар устуоруйалара киирдэ, – диэтэ Александр Жирков.
Тэрээһиҥҥэ М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет хаһыйардьыттара, хайыһарынан ыраах айаннар бэтэрээннэрэ итиэннэ кинилэр холобурдарын батыһар ыччаттар кытталлара хайҕаллааҕын бэлиэтээтэ:
– Бу ахтыы киэһэтигэр ураты суолтаны, көлүөнэлэр быстыспат ситимнэрин, ыарахантан чаҕыйбат тулуур уонна дьулуур салҕанарын көрдөрөр.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев эҕэрдэ тылыгар бэлиэ күн муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын II сийиэһэ уонна муниципальнай тэриллиилэр Сэбиэттэрин IX сийиэһэ ыытыллар кэмнэригэр буолбутун бэлиэтээтэ.
Ол курдук, Дмитрий Горохов Ил Түмэн олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин салайбыта, тустаах сокуоннары таһаарыыга үлэлэспитэ. – Дмитрий Горохов үгүс өрүттээх салайааччы этэ.
Уопсастыбаннай үлэтин Булуҥ Күһүүрүгэр олохтоох сэбиэт дьокутаатынан саҕалаан баран, кэлин суон сурахтаах, XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт дьокутаата буолбута. Аартыкаҕа олох-дьаһах ыараханын дьон-сэргэ тылыттан буолбакка, хоту олорбут, үлэлээбит киһи быһыытынан үчүгэйдик билэрэ. Дмитрий Николаевич Аартыка биир да кыра нэһилиэгэр олохтоох салайыныы уорганын үлэтэ тохтотуллубатын, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар бырааптара күөмчүлэммэтин туһугар мэлдьи туруулаһара, – диэтэ Алексей Ильич.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина Дмитрий Гороховы кытта биир кэмитиэккэ үлэлээн ааспыт кэмнэрин истиҥник аҕынна. Оччолорго 131 №-дээх «Арассыыйа Федерациятыгар олохтоох салайыныы тиһигин тэрийии сүрүн бириинсиптэрин туһунан» федеральнай сокуон барылын тула улахан киирсиилэр буолбуттара. Федерация Сэбиэтигэр Александр Жирков салайааччылаах дэлэгээссийэ тиийэн, сенатордар иннилэригэр муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын талыы бириинсиптэрэ оннунан хаалларылларын ситиспиттэрэ.
Дмитрий Николаевич олохтоох салайыныы туһунан сокуоннары чочуйарга, муниципальнай сулууспа каадырдарын бэлэмнээһин тиһигэ олохтоноругар үлэлэспитин туһунан сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев сырдатта. Дмитрий Горохов барыта 102 сокуон көҕүлээччитэ буоларын эттэ.
Дмитрий Николаевич чаҕылхай, бары өттүнэн дэгиттэр, олус талааннаах киһи этэ. 1992 с. Чурапчы көһүүтэ 50 сыла туолбута. Бу курус күн өйдөбүнньүгэр, Булуҥ Күһүүрүгэр, Өлүөнэ өрүс уҥа кытылыгар, Д.Н. Горохов эскииһинэн оҥоһуллубут пааматынньык туруоруллубута. Пааматынньыкка күүс өттүнэн көһөрүллүбүт 12 холкуос дьонун дьылҕата, төрөөбүт дойдуга муҥура суох таптал уонна арахсыы кутурҕана арылыччы көстөрө сөхтөрөр.
Оттон 2011 с. А.Н. Жирков көҕүлээһининэн Уус Алдан улууһун Дыгдал нэһилиэгэр эмиэ Дмитрий Николаевич бырайыагынан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, сэттэ бырааттыы Румянцевтарга анаммыт пааматынньык туруоруллубута.
Тэрээһиҥҥэ IV ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата Сергей Сюльскай, норуот суруйааччыта Андрей Кривошапкин, Өспөх нэһилиэгин баһылыга Лена Свешникова, Улуу Кыайыы 75 сылыгар туһуламмыт «Күһүүр-Ньурба» маршрутунан хайыһарынан айан кыттыылааҕа Иван Жирков, Булуҥ улууһун баһылыга Афанасий Андросов, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, Булуҥтан Дьокуускайга тиийэ хаста да Дмитрий Николаевиһы кытта 70-с сыллартан саҕалаан хайыһарынан ыраах айаннарга сылдьыбыт доҕотторо, ону сэргэ Саха универститетын 1970-2010 сс. «хайыһар десанын» тэрийэн Саха сирин улуустарын эргийбит оччотооҕу устудьуоннар о.д.а. тыл эттилэр.
Дмитрий Николаевич иллээх дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буоларын аҕыннылар. Кэргэнэ Алла Николаевналыын түөрт оҕону күн сиригэр көрдөрөн, атахтарыгар туруорбуттара, элбэх сиэннээхтэр.
Дьиэ кэргэн аатыттан уола Иван Горохов истиҥ тыллары эттэ, аҕатын сырдык кэриэһигэр анаммыт кинигэни көҕүлээн таһаартарбыт, Д.Н. Горохов биир дойдулааҕа Александр Жирковка Дмитрий Николаевич дьиэ кэргэнин, аймахтарын аатыттан махтал тылларын эттэ уонна Дмитрий Николаевич уруһуйдаабыт хартыынатын бэлэх уунна.
Галина Матвеева