Нацбырайыак профессиональнай үөрэх, ыччат талаанын арыйыыга уонна Россия историятыгар, култууратыгар, үгэстэригэр сыанабыллаахтык сыһыаннаһыыга туһуланар.
Дойду наукатыгар уонна үөрэҕин эйгэтигэр талааннаах устудьуоннары атын дойдуттан киллэриигэ үлэ барыаҕа — быһа барыллаан 500 киһиэхэ. Барыта 2 мөлүйүөн оробуочай идэҕэ исписэлиис экономика хайысхаларыгар бэлэмнэниэҕэ. Манна анаан «Профессионалитет» бырагыраама үлэлиир.
«Саҥа нацбырайыак үүнэр көлүөнэни патриоттуу иитиигэ, үгэскэ кубулуйбут духуобунай сыаннастары иҥэриигэ туһуланар. Сүрүн сорукпут ыччат бэйэтин дойдутугар бэйэтин кыаҕын толору олоххо киллэрэригэр уонна туһаҕа таһаарарыгар буолар. Итинтэн аан дойдуга Россия суверенитета уонна технологическай лидерствота көстөр», — диэтэ салайааччы.
This post was published on 16.07.2024 17:01 17:01