Арассыыйа бэрэсиэдьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут оскуолаҕа сыһыары тутуу дьиэ 2023 сыл ахсынньытыгар үлэҕэ киллэриллэн, оҕолор биир симиэнэҕэ үөрэнэр буолбуттара.
Саҥа дьиэни оскуола дириэктэрэ Николай Слепцов көрдөрдө.
«Оскуола үөрэххэ уонна иитиигэ аналлаах аныгы тэриллэринэн сэбилэннэ. Оҕолор араас өттүнэн сайдалларыгар уонна үөрэх хаачыстыбалаах буоларыгар усулуобуйа барыта баарын үөрэнээччилэрбит ситиһиилэрэ туоһулуур. Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ сыл аайы араас куонкурустар, олимпиадалар уонна успуорт күрэхтэһиилэрин кыайыылаахтарынан уонна призердарынан буолаллар. Биһиги оскуолабыт агро-биисинэс хайысхатын сайыннарар. «В» категорияҕа машинист-тырахтарыыска үөрэтэбит. Быйыл түөрт үөрэнээччи сибидиэтэлистибэ ылла, «Автодело» арыйар былааннаахпыт», -– диэн оскуола дириэктэрэ кэпсээтэ.
Ыалдьыттарга үөрэнээччилэр оҥоһуктарын быыстапкатын, бэйэлэрин эскизтэринэн оҥорбут түөскэ анньыллар киэргэллэри көрдөрдүлэр.»Оскуола былырыын кучу чэйи хатарар уонна суулуур саҥа тэрили атыыласпыта. Саҥа тэрил мүнүүтэҕэ 80 бакыат чэйи бэлэмниир кыахтаах. Биһиги бородууксуйабытын байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар ыытабыт», -– диэн оскуола дириэктэрэ Николай Слепцов иһитиннэрдэ.
«Оскуолаҕа идэҕэ эрдэттэн салайыы үлэтэ ыытыллара олус үөрдэр. Манна ситиһии төрдө, идэни билии, салгыы сайдыы уонна саҥа үктэллэри дабайыы олуктара ууруллаллар», -– диэтэ Андрей Чернышенко.
Хатас орто оскуолата 1063 үөрэнээччилээх. Билигин оскуола базатыгар сайыҥҥы лааҕыр үлэлиир. Хатас оскуолатын бүтэрбит Лина Бурцева бу лааҕырга быраактыкалана сылдьар.
«Мин билиҥҥи үөрэнээччилэр тустарыгар олус үөрэбин. Оскуола саҥа тутуута оҕолору үөрэтэргэ саҥа саҕахтары арыйар. Ол курдук, оскуола агро-биисинэс хайысхатын сайыннарар, манна «Агрокуб» федеральнай ситим научнай-үөрэтэр лабораторията үс хайысханан: биотехнология, агрономия уонна роботехника» үлэлиир», -– диэн Лина Бурцева билиһиннэрдэ.
Дмитрий Чернышенко оскуолаҕа успуорт тэриллэрин атыылаһарга сэртипикээттэри бэлэхтээтэ.
«Эһиги -– инникитин чөмпүйүөн буолуохтаах дьоҥҥут, Саха сирин аатырдыҥ. Биһиги бары бииргэ хайаан да кыайыахпыт! Эһиги эдэргит, кыраһыабайгыт, чэгиэҥҥит, барыта сатаныаҕа!», —диэн Андрей Чернышенко тоһоҕолоон эттэ, суруйда sakha.gov.ru
This post was published on 08.07.2024 10:33 10:33