Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырыгар өрөгөйдөөх дьоро киэһэ буолла. Ол курдук бары убаастыыр, киэн туттар киһибит Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Дмитрий Егорович Артемьев 60 сааһын киэҥник бэлиэтээн, анаан-минээн «Бохсуруйуу» этнобалеты Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр үҥкүүнэн дьүһүйэн көрдөрдүбүт. Бу испэктээк элбэх көрөөччүнү, толору сааланы муста. Дмитрий Егорович баай айар үлэтин сырдатар быыстапканы Национальнай библиотека үлэһиттэрэ Жанна Григорьева уонна Аина Васильева, тыйаатыр литэрэтиирэ салаатын сэбиэдиссэйэ Вера Черноградская туруордулар. Испэктээк саҕаланыан иннинэ норуот дьокутаата, Ил Түмэн култуураҕа уонна СМИ-га бэрэссэдээтэлэ Виктор Николаевич Губарев артыыс Дмитрий Егорович Артемьев үгүс сыллаах сыралаах айар үлэтин, араас ыарахан, байыаннай дьайыы бара турар сиригэр гостуруолларга кыттыбытын бэлиэтээн уонна 60 сааһын туолбут умнуллубат түгэнинэн эҕэрдэлээтэ уонна “Гражданская доблесть” үрдүкү наҕарааданы, ону тэҥэ Ил Түмэн Судаарыстыбыннай Мунньах Бочуоттаах грамотатын туттарда. Ону тэҥэ норуот дьокутаата Дмитрий Николаевич Поисеев бэйэтин биир дойдулааҕын үтүө мааны күнүнэн, ускуустубаҕа, култуураҕа уһулуччу кылааты киллэрбитин бэлиэтээтэ, бэлэх уунна. Дьэ ол кэнниттэн биир дойдулаахтара Чурапчыттан, Мугудайтан истиҥ эҕэрдэлэрэ, махталлара ытыс тыаһынан доҕуһуоланна.
“Бохсуруйуу” испэктээк сүрэхтэниитэ кулун тутар 15 күнүгэр 1997 с. буолбута. Хампаһыытар Владимир Ксенофонтов айбыт муусуката киһи дууһатын хамсатар, турукка киллэрэр, сороҕор ыксатар, сороҕор налытар, ардыгар куттуур, көрөөччүнү атын эйгэҕэ, былыргы кэмҥэ киллэрэр. Владимир Васильевич муусукатын Москуба ускуустубаны ырытар Елена Луцкая нуучча улуу хампаһыытара Стравинскай “Весна священная” уонна “Скифская сюита” айымньыларын курдук үрдүк таһымнаах айымньылар диэн төгүрүк остуолга бэйэтин санаатын үллэстибитэ. Либретто ааптара уонна режиссера Афанасий Федоров :“Бу испэктээк эдэр киһи ойуун буолуутун, кини саха ыарыыта, оттон ыалдьыбыт уол удьуордаах ойуун буоларыгар урукку ойуун буола сылдьыбыт өбүгэлэрин абааһылара (көмөлөһөөччүлэрэ) уол этин-хаанын, өйүн-санаатын ойуун буоларга эттэтии, кырдьаҕас ойуун уолу уһуйуутун архыып матырыйаалыгар олоҕуран художественнай өттүн олоххо буолбут түбэлтэлэри хомуйан суруйбутум”. Үҥкүүтүн тыйаатыр бастакы уус-уран салайааччыта Геннадий Баишев эмиэ архыып матырыйаалларын, үгүс элбэх кинигэлэри хасыһан, үөрэтэн, режиссеры кытары чопчулаһан баран туруорбута. Испэктээк сценографиятын, артыыстар көстүүмнэрин эскиистэрин худуоһунньук Мария Ядрихинская айан таһаарбыта. Туруорааччы дирижер Николай Петров аркыастыр артыыстарын кытары дьаныһан туран үлэлэһэн күүстээх айымньы тахсыбыта. “Бохсуруйуу” үрдүк сыанабылы Марий Эл Өрөспүүбүлүкэ тыйаатыр диэйэтэллэрин “Кугу сорта” (Улахан чүмэчи) бастакы үрдэллээх дипломунан наҕараадаламмыта уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Театральное искусство” номинация “Золотой олень” бириэмийэ хаһаайына үрдүк дипломунан бэлиэтэммитэ.
“Бохсуруйуу” испэктээк ис хоһооно: эдэр дьон Сэмэнчиктээх Өрүүскэ тапталларын үөр буолбут Кыр Кыыс-Уҥуоҕа (Орто дойдуга тутуллубатах, илэ сылдьар) имэҥнээх тапталынан араара сатыыр. Ону Сээнэгэй ойууҥҥа уһуйуллан, доҕоро Сэмэнчик ыарыытын бохсон ылан, ыраастаан кэбиһэр. Испэктээк бастакы көстүөҕүттэн Дмитрий 27 сыл устата Сээнэгэй, эдэр ойуун уол оруолун үрдүк таһымнаахтык, чаҕылхайдык арыйан көрдөрөн биир сарсыарда аатыран, суон сурахтанан уһуктубута. Дьэ, бу оруолга кини сүдү талаана, артыыс быһыытынан арыллыытын чыпчаала буолар. Үбүлүөйдээх киэһэ Дмитрий Егорович бэйэтин Сээнэгэйин оруолун тыйаатыр эдэр кэскиллээх үҥкүүһүтүгэр, биир дойдулааҕар Эдуард Жирковка туттарда. Уһулуччу эрчимнээх, бэйэтэ эмиэ көрүүлээх-истиилээх, ис куттаах, тилигирэс, сытыы-хотуу Эдуард эппиэтинэс бөҕөтүн сүгэн, улугуран туран уобараһын кыайа-хото толордо. Саала иһэ толору көрөөччүтэ ньиһийэн, чуумпуран олорон этнобалет иһигэр киирэн хаалан, хас биирдии дьоруой, хас биирдии артыыс үҥкүүнэн дьүһүйүллүбүт, тэтимнээх хамсаныыларын, сирийэн астына көрдүлэр.
Кыр-Кыыс ыарахан тыыннаах оруолун, уобараһын, хараахтарын, ис туругун, сиэмэхтээҕин, кырыктааҕын, Саина Винокурова көрөөччүгэ арылыччы тиийимтиэлээхтик көрдөрдө. Кини хатааста, эриллэн-мускуллан сүгүллэ сылдьара, туттара-хаптара, киһи этэ-сиинэ арыллыар диэри итэҕэтиилээх.
Сэмэнчик оруолун Петр Филатов эдэркээн артыыс сүрдээх истиҥник, чэпчэкитик, сөрү-сөпкө толорбутун көрөөччү бэлиэтии көрдө.
Ийэ Кыыл Хотой оруолун эдэр үҥкүүһүт Валерий Прокопьев итэҕэтиилээхтик оонноото. Кини Хотойо Сээнэгэйи сөптөөх суолга ыйан-кэрдэн биэрэр. Ыарахан кэмигэр аттыгар суһаллык баар буола охсор, буолуохтаах быһыыны-майгыны сэрэтэр, суола арылларыгар көмөлөһөр. Өрүүскэ оруолун бастакы сылын үлэлии сылдьар Ольга Ботуева эмиэ долгуйан, сороҕор куттанан, ардыгар курустан, тапталлааҕа тыыммат буолбутугар, ытаан-соҥоон, хараастан, уһуктан-тиллэн кэлбитигэр үөрэн уобарын бэрткэ арыйда.
Дьэ, муусука баар сөҕүмэр сүдү күүс тэтимнээҕэ,араас дорҕоонунан көрөөччүлэри ханнык баҕарар кэмҥэ тууйа тутан, арыт өрүтэ тыыннаран, хам тутан, ыгылыталан, көнньүөрдэн баран аны төлө ыытан уоскутан дөрүн-дөрүн туймаарытан, дохсуннуран, киирсиһиннэрэн, аһыннаттаран, түллэ- түллэ өрүтэ биэрэн күүртэлээн тыаһаан, ньиһийэн баран эмиэ өрүкүчүйэн, ньиргиэрдээх эньиэргийэтинэн кыайыы-хотуу, өрө көтөллөөх көтүүнү биэрэр. Манна бэлиэтиэххэ наада, аркыастыр артыыстарын муусуканы ыраастык, үрдүк таһымнаахтык, тыаһатан толоруулара буолар. Үҥкүү тыйаатырын үҥкүүһүттэрин саҥа сүүрээнин састааба «Бохсуруйуу” этнобалеты тыыннаан, итэҕитиллиилээхтик толорон көрөөччүгэ тириэрдэн улахан биһирэбили ылла.
Дмитрий Егорович 60 сааһа туолбута ханан да көстүбэт. Уруккутун курдук бэрт сэниэлээхтик, эрчимнээхтик, аны уһуйааччы быһыытынан эдэр ойуун оруолун толорор Эдуард Жирковка туох баар билиитин-көрүүтүн, баай уопутун, кистэлэҥин, бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
Этнобалекка тыйаатыр биллиилээх үҥкүүһүттэрэ Зоя уонна Афанасий Соловьёвтэр урут эмиэ ситиһиилээхтик — Зоя Кыр-Кыыс, Афанасий Төбөтө суох абааһы олуолун толороллоро. Бэҕэһээ кинилэр тэрийбит «Бриллианты Якутии” оҕо үҥкүү бөлөҕүн кырачаан үҥкүүһүттэрэ-аанньаллар Альберт Петров, Антон Афанасьев, Анастасия Заморщикова, Виолетта Туприна, Нарыйаана Гоголева Үөһэ дойду сценатын наһаа киэргэттилэр, көрөөччүлэри уйадыттылар.
Испэктээк биир тыынынан түргэн баҕайытык бүтэн хаалла. Көрөөччүлэр махтанан ытыстара кытарыар диэри таһыннылар. Этнобалет кэнниттэн Дмитрий Егоровиһы Култуура уонна духуобунас сайдыытын министиэритибэтин профессиональнай ускуустуба салаатын сүрүн үлэһитэ Иван Осипов, Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев, Саха сирин саллааттарын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Емельянова, биир дойдулаахтара, бииргэ үөрэммит оҕолоро, аймах-билэ дьоно, доҕордоро-атастара истиҥник эҕэрдэлээтилэр.
Түгэнинэн туһанан тыйаатыр бары талааннаах артыыстарын, бары сыах үлэһиттэрин, Дмитрий Егорович үбүлүөйдээх дьоро киэһэтэ өрө көтөҕүллүүлээхтик, ньиргиэрдээхтик барбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Барыгытыгар барҕа махтал уона дьол-соргу эрэ тосхойдун!
Ааптар: Вера Черноградская