Диспансеризацияҕа кытын

Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Сүрэх бүтүн аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэннэ. Билигин сүрэх-тымыр ыарыылара нэһилиэнньэ өлүүтүн сүрүн биричиинэтинэн буолаллар. Бу ыарыы сыл аайы 17 мөлүйүөнтэн тахса киһи олоҕун илдьэ барар.


Дьулаан ыарыыттан харыстанар, эрдэттэн эмтэнэр туһуттан хас биирдии киһи бэйэтин доруобуйатын бэрэбиэркэлэнэ, кэтэнэн көрө сылдьара туһалаах. Онуоха өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар, поликлиникаларыгар ыытыллар диспансеризациялар улахан көдьүүстээхтэр.

Быйыл маннык сылларга:

1995, 1992, 1989, 1986, 1983, 1980, 1977, 1974, 1971,1968, 1965, 1962, 1959, 1956, 1953, 1950, 1947, 1944,1941, 1938, 1935, 1932, 1929, 1926, 1923, 1920, 1917 төрөөбүт дьон диспансеризацияны барар.

This post was published on 04.10.2016 09:19 09:19