Дьилиҥдэҕэ саҥа ДЭС үлэтин саҕалаата

Бу күннэргэ «Сахаэнерго» Өлөөн Дьилиндэтигэр саҥа дизельнэй автоматизированнай электростанцияны үлэҕэ киллэрдэ.


900 кВт кыамталаах модульнай станция хампаанньа производственнай сыаҕар оҥоһуллубут буолан, тутуу сыаната кэлии оборудованиетааҕар быдан чэпчэки. Маны таһынан станцияны кыһыҥҥы суолунан илдьибит буоланнар, номнуо сааскыттан таҥыы үлэтэ саҕаламмыта. Тутуу бэдэрээтчитинэн «Стройблок» ХЭУо үлэлээбитэ. Дьилиндэҕэ билигин 684 киһи олорор.

«Сахаэнерго» инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн, 2017 сылга Кэбээйи Сэбээн Күөлүгэр, Өймөкөөн Орто Балаҕаннааҕар, Абый Сыаганнааҕар автономнай дизельнай станциялары тутан киллэрэр былааннаах. Хампаанньа биир бөдөҥ бырайыагынан, Өлөөн сэлиэнньэтигэр 4700 кВт кыамталаах дизельнэй станцията буолуоҕа.

«Хампаанньа инвестиционнай үлэтэ бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ хоту, кытыы сытар нэһилиэктэрин эрэллээхтик уотунан хааччыйыы буолар», – диэн хапытаалынай тутууга уонна инвестицияҕа управление начаалынньыга Игорь Кривошапкин этэр.

This post was published on 21.09.2016 16:00 16:00