Диетологтар COVID-19 ыарыыны аһардыбыттар туруктарын тупсаралларыгар туһалаах бородуукталары ааттаатылар. Бу туһанан индийскай хаһыат «The Pioneer» суруйар.
Коронавируһунан ыалдьан үтүөрбүт дьон кытаанах углеводу сиэхтээхтэр, холобур, «цельнозерновойдары». Элбэх йогурт, туустаах оҕурсу уонна бобовайдары аһыахтаахтар, маны сэргэ «чайный гриб» туһалааҕа этиллэр. Диетолог Прити Тяги этэринэн, маннык диета оһоҕос микрофлората чөлүгэр түһэригэр көмөлөһөр уонна иммунитеты күүһүрдэр.
Сарсыардааҥы аска грецкэй эриэхэ, миндаль уонна тыква сиэмэтэ туһалаах. Баларга Омега-3-«полиненасыщенные жирные кислоты» элбэх.
Рохини Патил доктор сууккаҕа хайаан да 8-9 чаас утуйары сүбэлиир. Бу эмиэ иммунитет күүстээх буоларыгар туһалаах. Чиа сиэмэлээх уонна базиликтаах элбэх ууну иһии туһалааҕын этэр кини.
Источник: rg.ru
This post was published on 25.05.2021 18:01 18:01