Арассыыйаҕа дьиэтээҕи интэриниэккэ уонна тэлэбидиэнньэҕэ сыана бу сылга 15% үрдүөн сөп. Бу туһунан “Известия” хаһыат суруйар.
Интэриниэт ситимин тардааччылар сыананы үрдэтэр туһунан быһаарыыны COVID-19 пандемиятынан сибээстээн ылыммыттар. “Вымпелком” бэрэстээбитэлэ пандемия кэмигэр дьон хото онлайн көспүтүн бэлиэтиир: «Биһиги килийиэннэрбит онлайн уһуннук олорор, араас саҥа сервистарынан, ыарахан контеннарынан туһанар буоллулар».
От ыйын 27 күнүттэн хампаанньа сорох архыыбынай тарыыптарын 50 солкуобай үрдэтиэ. Сыананы кытары тарыыптар 100 Мбит/с тиийэ түргэтиэхтэрэ.
Сыана үрдээһинэ “ЭР-Телеком”, “Акадо”, МТС курдук тэрилтэлэргэ эмиэ бэлиэтэниэ. МТС от ыйыгар спутниковай тэлэбидиэнньэҕэ сыанатын номнуо үрдэппит. “Эр-Телеком” сорох тарыыптарын сыанатын үрдэппит, бу килийиэннэрин уопсай ахсааныттан 10%-нын хаппыт. Тарыып уларыйыытын “Ростелеком“ хампаанньа эмиэ мэлдьэспэт.
This post was published on 27.07.2020 10:01 10:01