"Дьиэ уонна куорат эйгэтэ" нацбырайыак: Тохсунньуга Саха сиригэр 12 олорор дьиэ тутуллан бүттэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр «Дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагынан 12 олорор дьиэ тутуллан бүттэ. Малааһыннар буолуохтара.

Намҥа, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Өктөмҥө, Чурапчы улууһун Харбала-2, Нерюнгри оройуонун Большой Хатыми бөһүөлэгэр, Сунтаар улууһун Устьетыгар уонна Ленскэйгэ саҥа дьиэлэр хаһаайыттара күлүүстэрин тутуохтара.

2019 сылтан хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааманан Саха сиригэр 232 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулунна. Владимир Путин 2018 сыллаахха көҕүлээбит «Дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыагы олоххо киллэриигэ барыта 65 млрд солк көрүлүннэ.

This post was published on 12.01.2024 14:29 14:29