Сайын үгүс дьон дьиэ-уот атыылаһар кэмэ. От ыйын 1 күнүттэн чэпчэтиилээх, судаарыстыбаттан өйөбүллээх ипэтиэкэ бырагыраамата бүтэн, саҥа тутуллар дьиэҕэ сыана арыый түһүө диэн күүтэллэр. Ону таһынан, Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэҕэ киирсэр дьон ахсаана кэҥээтэ. Ол туһунан хамсаабат баай-дуол ырыынагын анаарыыга ааҕыҥ.
Учаастак түргэнник атыыга барар
Ипэтиэкэ бырыһыана күн бүгүн 19-20% тиийэ үрдээн, дьиэ-уот атыыга барыыта бытаарда. Дойду Киин Баана сүрүн ыстаапканы үрдэттэҕинэ, кирэдьиит бырыһыана өссө эбиллэр чинчилээх. Билигин дьон үксэ куорат таһыгар кэтэх дьиэни, сир учаастагын, даачаны атыылаһар уонна уу харчынан төлөһөр.
Кирэдьиит бырыһыана төһө даҕаны үрдээбитин иһин, Дьокуускайга дьиэ-уот сыаната түспэккэ турар. Сыана арай 2008 с. аан дойду үрдүнэн кириисис бүрүүкээбитигэр намтыы сылдьыбыта. Аналитиктар сылыктыылларынан, тутулла турар дьиэҕэ кыбартыыраны атыылаһарга кэлин төлөһөр ньыманы киллэриэхтэрэ, дьиэлэрин түргэнник атыылыы сатыыр дьон сыаналарын өссө түһэриэхтэрэ.
«Дьиэ кэргэн ипэтиэкэтин усулуобуйата уларыйыахтаах, урут 6 мөл. солк. диэри сыаналаах дьиэни атыылаһарга 5% кирэдьиит биэрэллэрэ. Сүрүн ирдэбилэ дьиэҕин бастакы ырыынакка атыылаһыахтааххын, эбэтэр куорат кытыытыгар, тыа сиригэр дьиэ туттуохтааххын.
Ыаллар сокуоннай саастарын туола илик икки оҕолоох, эбэтэр кыралара 2018 с. кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаах. 2024 с. оҕоломмут дьон дьиэ кэргэн ипэтиэкэтигэр хапсыбаттар.
Маннык ыстаапкалаах ипэтиэкэни 6 саастарыгар диэри иккиттэн итэҕэһэ суох оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ биэриэхтэрэ дииллэр. Холобурдаан эттэххэ, 7 уонна 5 саастаах оҕолоох ыалга ипэтиэкэ 12% диэри үрдүөҕэ», — диэн кэпсээнин саҕалыыр «Этажи» хампаанньа атыыга-эргиэҥҥэ салаатын салайааччыта Никита Малтугуев. Кини Санкт-Петербург куоракка юридическай үнүстүүтү бүтэрэн баран үлэтин 2019 с. саҕалаабыта, билигин риэлтордары салайан үлэлэтэр.
«Этажи» хамсаабат баайы-дуолу атыылыыр ааҕыныстыба аан бастаан 2000 с. Тюмень куоракка аһыллыбыта, онтон дойду үрдүнэн киэҥник тарҕанан, франшиза хайысхатынан 260 офис үлэлиир. Арассыыйа үрдүнэн саамай элбэх дьиэ-уот бу хампаанньа нөҥүө атыыланар.
Тэрилтэ салаалара Кавказка, Болгарияҕа, Белоруссияҕа, Орто Азияҕа, Эмираттарга уонна Таилаҥҥа бааллар, манна эмиэ хайа талбыт дьиэҕин атыылаһыахха сөп. Онон «Этажи» аан дойду 20 бөдөҥ ааҕыныстыбатын ахсааныгар киирэр. Хампаанньа Дьокуускайга 2016 с. үлэлиир, билигин риэлтордар наадалар, онон баҕалаах дьон бу эйгэҕэ үлэлээн, төһө баҕарар дохуоту оҥостуохтарын сөп.
2% ипэтиэкэни ылар кыахтаах дьон элбээтэ
Быйыл Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэнэн туһанар дьон ахсаанын хаҥаттылар, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, онтон буойун кыргыһыы хонуутугар олоҕун толук уурдаҕына, кини дьиэ кэргэнин киллэрдилэр. Урут миэдиктэр уонна үөрэх салаатын үлэһиттэрэ идэлэринэн 5 сыл үлэлээбит буолуохтаах этилэр, билигин итинник ирдэбили соттулар.
Үлэҕэ саҥа киирээт даҕаны, 2% ипэтиэкэни ылыахха сөп эрээри, 5 сыл устата доруобуйа харыстабылыгар уонна үөрэх эйгэтигэр чахчы үлэлии сылдьаргын туоһулуур үлэ киниискэтин сылга иккитэ көрдөрүөхтээххин. Ону кэстэххэ, ипэтиэкэ ыстаапката сүрүн олохтоммут бырыһыаҥҥа тиийэ үрдүүр.
Арассыыйа састаабыгар саҥа киирбит эрэгийиэннэргэ олохсуйарга, эбэтэр Украинаттан Уһук Илин көһөн барар дьоҥҥо 2% ипэтиэкэ бэриллэр. Кинилэр иккис ырыынакка эмиэ дьиэ атыылаһар кыахтаахтар.
«Саҥа тутуллар дьиэлэргэ биһиги атыылаһааччыттан харчы ылбаппыт, сорох тутуу хампаанньалара хамыыһыйа харчытын бэйэлэрэ төлүүллэр. Өскөтүн ол суох түгэнигэр, риэлтор өҥөтүгэр атыылаһааччы 35 000 солк. төлүүр. Хаһан дьиэ булуор диэри кинини сиэтэ сылдьан дьиэ арааһын көрдөрөбүт, хамсаабат баайга илии охсуһуу юридическай өттүнэн ыраас, куттала суох буоларын хааччыйабыт.
Былырыын ахсынньыга «Этажи» хампаанньаҕа 1840 эбийиэк атыыга баара, билигин ол сыыппара 2200 диэри эбиллэн, атыылаһааччы ахсаанын куоһарда. Сорох дьон элбэх дьиэ атыыланнаҕына, сыана түһүө диэн сылыктаабыттара туола илик. Сыана түспэккэ, үрдээбэккэ биир тэҥник турар», — диир Никита Малтугуев.
Саҥа түөлбэлэр тутуллуохтара
Атыылаһааччылар 56% иккис ырыынакка дьиэ-уот ылаллар, 30% куорат кытыытыгар кэтэх дьиэни талаллар, 15-20% саҥа тутулла турар дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһаллар.
Бастакы ырыынакка сыана хас да төгүл ыараан, Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэҕэ хапсар эрэ дьон ылаллар. Холобур, 2019 с. биир кв. миэтэрэ сыаната 77 000 солк. этэ, оттон билигин 200 000 солк. тиийдэ. Иккис ырыынакка сыана эмиэ тилэх баттаһа үрдээн иһэр.
Дьокуускайга «Прометейтан» салгыы Покровскайдыыр суол диэки «Алгыс» диэн саҥа түөлбэ тутулла турар. «Утум» хампаанньа биир кэлим тутууну ыытыахтаах, ол чэрчитинэн, оскуола, уһуйаан олоххо киириэхтээх. Кэлэр сылларга 17-ис кыбаартал эргэ дьиэлэрин көтүрэн, саҥа оройуону тутан таһаарыахтара. Ону таһынан, ДСК-аҕа «Звезднай» түөлбэ тутулла турар.
Өрүс пуордугар 10 000 киһиэхэ анаммыт элитнэй дьиэ-уот тутуллан эрэр, 2 оскуола, 4 уһуйаан аһыллыахтаах. Манна биисинэс кылаастаах дьиэлэри биир истиилинэн тутуохтара, өрүһү кыйа кытыл суола оҥоһуллуохтаах, тиэргэҥҥэ туора дьон киирбэтин курдук сабыылаах, олохтоохтор бастакы этээскэ сылаас парковкаҕа массыыналарын ууруохтара.
Өрүс пуорда көспөккө оннунан хаалар, урукку өттүгэр ыскылаат турар сиригэр 203 түөлбэ курдук саҥа оройуону тутан таһаарар былааннаахтар. Эбэ кытыла үрдэтиллибит буолан, саас халаан уута ааһар кэмигэр уу ылбат сирэ дииллэр. Дьону, таһаҕаһы тиэйэр уу ааллара бириистэҥҥэ тиксиэхтэрэ, ол миэстэтэ уларыйбат.
Дьиэ-уот куорат кииниттэн төһөнөн тэйиччи, оччонон сыаната чэпчэки. Холобур, Билибин уулуссаҕа «Үс бэс» түөлбэҕэ саҥа тутуллубут дьиэҕэ 34 кв. м. иэннээх биир хостоох кыбартыыра 6,2 мөл. солк. Бүөтүр Алексеев аатынан уулуссаҕа биир хостоох 7,4 мөл. солк.
Өрүс пуордугар биир хостоох дьиэ 6,7 мөл. солк.
Иккис ырыынакка 2010 с. кэнниттэн тутуллубут дьиэҕэ биир хостоох кыбартыыра 6,5 мөл. солк., Аэропуорт оройуонугар 4,8 мөл. солк.
КПД дьиэлэргэ биир хостоох кыбартыыраны оройуонуттан көрөн 5,2 – 4 мөл. солк. атыылыыллар.
Билигин ипэтиэкэ бырыһыана үрдээн, дьон чэпчэки сыаналаах дьиэни атыылаһар. Онтон харчы мунньуна түһэн баран, олорор усулуобуйаларын тупсаран иһэллэр.
Дьокуускай дойду үрдүнэн түргэнник улаатан иһэр куораттар ахсааннарыгар киирэр, уонтан тахса сыл анараа өттүгэр нэһилиэнньэ 200 000 этэ, билигин 340 000. Сыл ахсын дьиэ сыаната ыарыы турар эрээри, Новосибирскайга Дьокуускайтан быдан чэпчэки сыанаҕа дьиэни атыылаһыахха сөп.
Калининградка, Крымҥа дьиэ сыаната түһэ турар
Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Калининградка, Крымҥа дьиэ сыаната түһэ турар. Холобур, билигин Белгород куоракка дьиэ сыаната олох түстэ.
Москубаҕа олорор дьон Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэнэн дьиэ атыылаһар буолла. Онно дьиэ ырыынагар дэписиит үөскээн, куортам сыаната ботуччу. Дьокуускайы уонна Владивостогу тэҥнээтэххэ, анараа дьиэ сыаната кв. миэтэрэтэ 30 000 – 40 000 солк. үрдүк.
«Москубаҕа МКАД иһигэр биир хостоох кыбартыыра сыаната 12 мөл. солк. саҕаланар, Санкт-Петербурга 7,5 мөл. солк. МКАД иһигэр москубатааҕы бырапыыска биэнсийэлээх дьоҥҥо кэккэ чэпчэтиини биэрэр. Киин куораттарга тыал арҕааттан үрэр, ол иһин бырамыысыланнай эбийиэктэри илин диэки туталлар. Онон арҕаа, соҕуруу эҥээр экология өттүнэн ордук, дьиэҕэр собуоттар буруолара кэлбэт.
Сочига фрукта үүнэр саадтаах, 100 кв.м. иэннээх чааһынай дьиэни 8-40 мөл. солк. булуохха сөп, сыана оройуонуттан, муора чугаһыттан, өрөмүөнүттэн тутулуктаах”, — диэн бүгүҥҥү сэһэргэһээччим кэпсээнин түмүктүүр.
Сылыктааччылар кэлэр икки сыл иһигэр ипэтиэкэ бырыһыана түһэрэ күүтүллүбэт дииллэр. Онон сыаналаах дьиэни Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэҕэ хапсар эрэ дьон атыылаһар кыахтаныахтара, суруйда Марианна Тартыкова, Саха парламент саайт.
This post was published on 18.07.2024 11:01 11:01