СӨ бырабыыталыстыбата биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ тутталларыгар (атыылаһалларыгар) бэриллэр төлөбүргэ саҥа быраабылалары бигэргэттэ. Маннык биирдэ бэриллэр субсидия кээмэйэ дьиэ сыанатын 35 %-гар тэҥнэһэр. Ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсарыыга наадыйаллар диэн анал учуокка турбут уонна оҕолоро сокуоннай саастарын туола илик буолуохтаахтар.
Саҥа быраабыла быһыытынан, ыал төлөбүрү ылаат да, 5 ый иһинэн дьиэ туттуохтаах, эбэтэр бастакы да, иккис да ырыынактан атыылаһар кыахтаах. Дьиэ эргэриитэ 60%-тан кырата суох буолуохтаах. Ипотеканы төлүүргэ эмиэ туһаныахтарын сөп буолла.
Бу саҥа уларытыылар Ил Дархан 2017 сыл алтынньы 25 күнүнээҕи «2018-2022 сс. хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы уонна олох-дьаһах коммунальнай өҥө хаачыстыбатын үрдэтии» СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматын туһунан” ыйааҕар олоҕуран ылылыннылар.
Биллэн турар, дьиэ субсидиятын ылыы улахан уочараттаах. Өрөспүүбүлүкэтээҕи реестр оҥорон, хамыыһыйа бигэргэтэн, сылга уочаратынан 8-9 ыалга биэрэллэр. Холобур, былырыын Мэҥэ Хаҥалас, Ленскэй, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Орто Халыма, Уус Алдан, Нам, Сунтаар улуустарыттан барыта 9 дьиэ кэргэн ылбыта.
Бу төлөбүр “2012-2016 сс. хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы” судаарыстыбаннай бырагыраама “Гражданнар сорох категорияларын дьиэнэн хааччыйыы” хос бырагырааматын чэрчитинэн үп көрүллэн, оҥоһуллар.