20 Балаҕан ыйа 20.09
  • $ 92,7
  • 103,25

Дьиэ кэргэн, таптал күнүгэр ананна

11:43, 11 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

От ыйын 9 күнүгэр, Нам улууһун Хамаҕаттатыгар, хатыҥ-чараҥ эргийэ үүммүт, бэртээхэй кырдалыгар  “Дьиэ кэргэн, таптал “ күнүгэр аналлаах сонун тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, бу күн “Бастыҥ дьиэ кэргэн” күрэх, “Автоледи -2016” республикатааҕы күрэххэ улуус чиэһин көмүскээн кэлбит далбар хотуттары чиэстээһин уонна “Дьол түһэ” республикатааҕы кыыс ыһыаҕа бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, улахан тэрээһин быһыытынан барда.


Бу бэлиэ күҥҥэ, Саха Республикатын Дьахталларын хамсааһынын Сойууһуттан А.В.Пермякова, “Хамаҕатта” муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччы Касьян Олесов, Нам улууһун дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччат политикатыгар отделын начальнига Татьяна Степанова, улуус дьахталларын түмсүүтүн салайааччыта Любовь Маркова , “Дьол түһэ” кыыс ыһыаҕын тэрийээччитэ Галина Аммосова-Арчылаана тыл этэн, түмүктээх үлэлээх суорумньуһуттарга, “Автоледи -2016” республикатааҕы күрэх кыттыылаахтарыгар махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттардылар.

Бу иннинэ СР Дьахталларын хамсааһынын Сойууһа (А.Е.Андреева) республикаҕа биллэр суорумньуһуттары мунньан, “ Арчы” дьиэтигэр семинар ыытан турардаах. Ол кэннэ былааҥҥа киирбитинэн, Хамаҕатта5а “Арчылаана” кулууп бу ыһыаҕы тэрийэн ыытта. Саха таҥаһын көрүү, оһуохай күрэҕэ, үҥкүү-битии хойукка диэри салҕанна.

Өймөкөөн, Уус-Алдан, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ-Хаҥалас, Дьокуускай куораттан кэлбит суорумньуһуттар мустан, бу ыһыах тэрээһинигэр, республикаҕа дьиэ кэргэн ахсаана элбииригэр кэскиллээх этиилэри киллэрдилэр, баҕа санааларын эттилэр. Аҥардас сылдьар дьону холбоон, биир санааҕа киллэрэн, ыал оҥорорго салгыы ситимнээхтик үлэлииргэ быһаарыннылар.

Кыыс ыһыаҕа аламай күн тахсыытын көрсүүнэн уонна саха оһуордаах оһуохайынан түмүктэннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА