Саҥа өйөбүл миэрэлэр туһунан дойду Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин солбуйааччыларын кытта мунньаҕар кэпсээтэ. Бу туһунан Объясняем.РФ телеграм ханаалыгар суруйда.
“Дойду үрдүнэн оҕо төрүүрүгэр уонна оҕону иитиигэ усулуобуйаны тэрийии – Бырабыыталыстыба сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ” – диэн кини бэлиэтээтэ, суруйда Саха сирэ саайт.
Туох уларыйар:
— кырата 10 оҕону ииппит дьоруой ийэлэр Үлэ Дьоруойугар көрүллэр курдук чэпчэтиинэн туһаныахтара;
— күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуоннарга хат буолбуттарынан уонна төрүүргэ көрүллэр босуобуйаны тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри үрдэтиэхтэрэ;
— оҕолорун балтараа сааһыгар диэри көрөн олорбут төрөппүттэргэ биэнсийэ ааҕыллыытыгар олоччу учуоттуохтара. Бу иннинэ алтаттан элбэх сылы аахпаттара, ону даҕаны түөрт эрэ оҕоҕо. Саҥа быраабыланан манна хааччахтааһын суох буолуоҕа;
— өйөбүл эрэйэр дьиэ кэргэн бэйэтин дьыалатын тэринэригэр эбэтэр үөрэнэригэр харчы ылара судургутуйуо – социальнай хантараагы оҥорторууга биир кэлим босуобуйаны дохуот курдук ааҕыахтара суоҕа.
This post was published on 28.12.2024 16:32 16:32