XII Гражданскай пуорум чэрчитинэн Дьиэ кэргэн сылын тэрээһиннэрин билиһиннэрдилэр. Былаан быһыытынан уопсастыбаҕа дьиэ кэргэн сүрүн сыаннас быһыытынан өйөнүөхтээх.
Үлэ миниистирин солбуйааччыта Елена Теплякова кэпсээтэ.
Былаан сэттэ түһүмэхтэн турар, манна эбии өрөспүүбүлүкэ тэрээһиннэрэ бааллар. Дьиэ кэргэн сыаннастарын, улахан, элбэх көлүөнэлээх дьиэ кэргэттэргэ ытыктабыллаах сыһыаны олохсутуу, төрүүр-ууһуур саастаах дьон доруобуйатын тупсарыы, элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн уонна оҕо төрүүрүгэр усулуобуйаны тэрийии киирдилэр.
Российскай Федерация президенин «О мерах социальной поддержки многодетных семей» ыйааҕын олоххо киллэриигэ ыйыллар хайысхалар төрүөтүнэн буоллулар.
Регионнар манна бэйэлэрин эбии быһаарыыларын киллэриэхтээхтэр, ол иһигэр элбэх оҕолоох ыалларга босхо айан төлөбүрэ, оскуолаҕа аһылык, оскуола уонна спорт формаларынан хааччыйыы.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-prezentovali-plan-meropriyatij-goda-semi/
This post was published on 14.03.2024 15:07 15:07