Дьиэ кэргэн ипотекатыгар киирбит уларыйыылар

Фото: Мария Васильева/ЯСИА

Саҥа тутуллубут дьиэлэргэ «Чэпчэтиилээх ипотека» бырагыраамата 2024 сыл ортотугар диэри салҕанарын, оттон «Дьиэ кэргэн ипотекатын» бырагыраамата кэҥиирин туһунан 2022 сыл ахсынньытыгар Владимир Путин иһитиннэрбитэ диэн, СИА санатар. Маныаха, «Дьиэ кэргэн ипотекатыгар» туох уларыйыы киирбитин «Дрим» хампаанньа риелтора кэпсиир.

«Дьиэ кэргэн ипотекатын бырагырааматыгар 6 %-наах кирэдьиити сокуоннай сааһын ситэ илик икки оҕолоох ыал ылыан сөп. Бу бырагырааманан аны маҥнайгы эбэтэр иккис оҕолоро 2018 сыл кэннэ төрөөбүт буоллаҕына туһаныахтарын сөп. Ол аата дьиэ кэргэн оҕото 01.01.2018 — 31.12.2023 диэри төрөөбүт буоллаҕына, бу бырагыраамаҕа чопчу хапсар», — диэн риелтор Индилена Собакина чуолкайдыыр.

6 % ставкалаах «Дьиэ кэргэн ипотекатынан» ким туһаныан сөбүй?

  • 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри 2023 сылга диэри төрүөх бастакы оҕо эбэтэр онтон кэлэр оҕолоохтор;
  • Сокуоннай саастарын ситэ илик икки оҕолоох ыал;
  • Инбэлиит оҕолоох ыал;
  • Оҕону иитэ ылбыт төрөппүттэр эмиэ бу усулуобуйанан бырагыраамаҕа кыттыахтарын сөп.

«Дьиэ кэргэн ипотекатынан» ханнык дьиэни ылыахха сөбүй?

  • Тутулла турар эбэтэр тутуллубут дьиэҕэ кыбартыыраны;
  • Тутуу дуогабарынан тутулла турар чааһынай дьиэни;
  • Дьиэ тутааччыттан бэлэм тутуллубут чааһынай дьиэни;

Бырагыраама усулуобуйатынан атыылаһыахха сөп:

  • Иккис ырыынактан (вторичнай) дьиэни;
  • Чааһынай дьонтон  Уһук Илин уокурук дэриэбинэлэригэр тутуллан турар кыбартыыраны эбэтэр дьиэни;
  • ЕИСЖС дааннайдарынан бу региоҥҥа саҥа тутулла турар элбэх кыбартыыралардаах дьиэ суох буоллаҕына «вторичнай» ырыынактан (инбэлиит оҕолоох ыалларга эрэ табыгастаах);
  • Ипотека көмөтүнэн ылыллыбыт, эбэтэр тус бэйэҥ сиргэр чааһынай дьиэни тутуохха сөп.

This post was published on 12.05.2023 15:05 15:05