РФ Үпкэ министиэристибэтигэр быһаарбыттарынан, бырабыыталыстыба “Дьиэ кэргэн ипотекатыгар” көрүллэр лимиити бааннарга 350 млрд солкуобайынан улаатыннарда. Инньэ гынан уопсай лимиит 5,9 трлн солкуобайтан 6,25 трлн солк. тиийэ улаатта, суруйар Саха сирэ саайт.
Бу иннинэ сорох бааннар лимиит харчыта бүппүтүнэн дьиэ кэргэн ипотекатын биэрэрбитин тохтотоллорун туһунан иһитиннэрбиттэрэ.
Ол курдук алтынньы 30 күнүттэн «Сбер» кирэдьиити биэрэрин тохтоппута, алтынньы 31 күнүгэр ВТБ тохтоторун былааннаабыта, диэн иһитиннэрэр @rgrunews.
This post was published on 01.11.2024 18:06 18:06