«Дьиэ кэргэн» хапытаалыттан 15 тыһ.солк. уу харчынан бэриллиэҕэ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ийэ хапытаалын» суотугар биир кэмнээх төлөбүрү оҥорор туһунан сокуону норуот дьокутааттара ылыннылар. Сокуон чэрчитинэн маннык хапытааллаах дьиэ кэргэн 15 тыһ.солк. уу харчынан ылар кыахтанна.


«Бэс ыйын 15 күнүгэр норуот дьокутааттара иккис уонна бүтэһиктээх ааҕыыларга маны сүрүннүүр сокуон барылын ылыммыттара. Аан дойду таһымыгар кэлэн турар кириисис кэмигэр, социальнай-экономическай уустук балаһыанньаҕа үс уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр сыаллаах-соруктаах дьаһал буолар» ,- диэн СИА-ҕа Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сэкирэтээрэ Никита Прокопьев эттэ.

Сотору кэминэн министиэристибэ биир кэмнээх төлөбүрү биэрии бэрээдэгин уонна быраабылатын бигэргэтиэҕэ.

«Дьиэ кэргэн» Ийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаала 2016 сылга 133 190,35 солк. диэри тиийдэ.

This post was published on 16.06.2016 15:44 15:44