Үлэ министиэристибэтэ дьиэ кэргэн орто дохуотун ааҕыыга ыал састаабыгар уларытыылары киллэриини этэр. Састааптан төрөппүттэри таһаарыы суруллар. Уураах бырайыагын бүгүн үс өрүттээх Россиятааҕы хамыыһыйа көрөр, суруйар «Российская газета».
«Домохозяйство» диэн статистикаҕа туттуллар өйдөбүлү «семья» диэҥҥэ уларытар ордук, судаарыстыбаннай көмө аныырга. Дьиэ кэргэн састаабыгар сайабылыанньалаах бэйэтэ, кини кэргэнэ уонна кинилэр сокуоннай саастарын туола илик эбэтэр 23-гэр диэри саастаах үрдүк эбэтэр орто үөрэхтэргэ үөрэнэр оҕолоро киирсэллэр, ол иһигэр эпиэкэҕэ уонна көрүүгэ сылдьааччылар. Оттон сайабылыанньа биэрбит киһи төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, кинилэр кэргэттэрэ дьиэ кэргэн састаабыгар орто дохуоту ааҕыыга киирсиэ суохтаахтар диэн этиллэр.
«Росстат методологиятынан, домохозяйство — бу биир дьиэҕэ олорор дьон, аймахтыы да, аймахтыыта да суох буолуохтарын сөп. Ол эбэтэр Росстат «семья» диэн термини дириҥник өйдүүр, — диир Плеханов аатынан РЭУ экономическай статистикаҕа кафедра доцена Ольга Лебединская. — Соцөйөбүл миэрэтин аныырга ыал чилиэннэрин ахсаана наада».
Биллэн турар, дьиэ кэргэн улахан буоллаҕына үчүгэй. Оччоҕуна дохуот барыта холбонор, ол иһигэр биэнсийэ эмиэ. Оччотугар ыал соцөйөбүлгэ наадыйааччыларга хапсыа суоҕун сөп. Миэрэнэн элбэх ыалы хабар туһуттан, кинилэр састааптара чуолкайданыахтаах.
Хаартыска: Александр Кряжев / РИА Новости
This post was published on 27.05.2022 13:01 13:01