Саха сиригэр дьиэ кэргэн бизнеһин киинэ арылынна. Бу дойду үрдүнэн төрдүс дьаһал буолар. Атыы-промышленнай палаататын иһинэн үлэлиэҕэ уонна регион дьиэ кэргэн династияларын түмүөҕэ. Эбийиэк дьиэ кэргэн Сүбэтин Россиятааҕы мунньаҕын чэрчитинэн ыытыллар, суруйар СИА.
Кииҥҥэ дьиэ кэргэн бизнеһигэр сыһыаннаах боппуруостарга квалифицированнай консультациялары ылыахха сөп. Маны сэргэ тус бренди оҥорон таһаарыыга сүбэлиэхтэрэ.
Маннык киин Нижнэй Новгородка, Уфаҕа, Рязаҥҥа баар.
Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Ольга Балабкина кытынна. Кини бэлиэтээбитинэн, Киин арыллыыта Саха АССР 100 сылыгар уонна Саха сиригэр Үйэ сылыгар түбэспитэ — туспа ураты болҕомтону ылар. «Саха сирэ – ураты регион, демографияҕа лидер. Уһук Илиҥҥэ төрөөһүҥҥэ бастакы миэстэ, Россияҕа — сэттис. Өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэнинэн үлэлиир үгэс олус күүстээх, дьиэ кэргэн бизнеһин тэрийии ситиһиилээх, бу барыта регион экономикатыгар улахан кылааты киллэрэр», – диэтэ кини.
Сиһилии https://ysia.ru/tsentr-semejnogo-biznesa-otkrylsya-v-yakutske/
This post was published on 27.06.2022 15:01 15:01