23 Ахсынньы 23.12
  • -36°
  • $ 102,34
  • 106,54

Дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн төлөбүрүгэр кырдьаҕастар чэпчэтиинэн туһаныахтара

13:48, 21 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Государственнай Мунньах (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина СИА-ҕа «Биир ньыгыл Россия» баартыйа саҥа көҕүлээһинин туһунан кэпсээтэ. Ити саҕалааһын чэрчитинэн кырдьаҕастар икки категорияларыгар дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн төлөбүрүгэр чэпчэтиилэр киириэхтэрэ.

Олорор дьиэ кодекса ылыллыбытын кэнниттэн, дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүгэр субъектар бэйэлэрин быһаарыыларынан чэпчэтиилэри олохтуур бырааптаналлар.

«Ырытыһыы кэнниттэн кырдьаҕастар икки категорияларыгар, ол эбэтэр 70 саастарын туолбут кырдьаҕастар дьиэ өрөмүөнүн 50%-ттан, оттон 80 саастарын туолбуттар олорчу босхолонор бэрээдэктэрин олохтуур туһунан сокуон барылын оҥоруохтаахпыт. Туһанааччылар туспа бэйэлэрэ олорор, кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ итиччэ саастаах буоллахтарына, чэпчэтии дьайар», — диэн Ольга Балабкина көҕүлээһин ис хоһоонун быһаарда.

Вице-спикер бу «Биир ныьыгыл Россия» атын регионнарга үлэлиир саҕалааһына буоларын ойуччу тутан ыйда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА