Дэриэбинэни ордорбут Ефремовтар Хатырыкка олороллор

Тыа сириттэн куоракка көһүү үгэннээбит кэмигэр, Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр куораттан көһөн тахсан, таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар ыалы көрүстүм.


Анатолий Ефремов урут боксаҕа тренеринэн үлэлээбитэ, спорт маастарыгар кандидат, кэлин массааска үөрэнэн, куоракка предприниматель быһыытынан массаастыыр кабинет арыйан үлэлэппитэ. Уонча сылы быһа үлэлээн, элбэх килийиэннэнэн, дьыалата табыллан испитэ. Ол эрээри, былырыын аналлааҕын көрсөн, икки өттүттэн оҕолоох дьон холбоһон, Хатырыкка көһөн тахсыбыттара.

Анатолий Елисеевич спорткомплекс дириэктэринэн, кэргэнэ Алена култуура киинин дириэктэринэн үлэлээн, тыа сиригэр сэргэхсийиини таһаардылар. Анатолий кырдьаҕастар кулууптарын тэрийэн, сарсыарда аайы сэрээккэлэтэр, аны туран, босхо массаастыыр. Оннооҕор 80-тан тахсыбыт ытык кырдьаҕастар кэлэн дьарыктанар, күн аайы хаалыктаах хаамар буоллулар. Онон, Хатырык кырдьаҕастара, дьэ, абыраннылар.

«Нэһилиэнньэни чөл олоххо тардар былааннаахпыт, — диир кини. – Ол эрээри, үксүгэр саастаах дьон умнууга хаалан хаалаллар. Онон ордук кинилэргэ болҕомтобун уурабын. Спортивнай, туочуканан уонна эмтиир массааһы туһанабын. Урут киһиэхэ 2,5 тыһыынча туочука баарын билэрим, билигин 3 мөлүйүөн туочука баара биллэр. Миэхэ Намтан, Дьокуускайтан тиийэ кэлэн илбийтэрэллэр».

Аленалаах Анатолий бастаан дэриэбинэҕэ биир-икки сыл олорон баран, куораппытыгар төннүөхпүт диэн былааннаах кэлбиттэр. «Ити санаабыт уларыйда, — диэн этэллэр. – Дэриэбинэҕэ олорор быдан ордук эбит. Куоракка наар ыксал-тиэтэл, үлэ, түбүк… Олох олорорго да бириэмэ тиийбэт. Куорат олоҕун тэтимэ киһини наһаа баттыыр эбит. Оттон манна олох үөһүгэр сылдьар курдуккун. Дьоно-сэргэтэ наһаа көхтөөх. Айылҕалыын алтыһан, кустаан-балыктаан, сир астаан тыыҥҥын таһаараҕын. Наһаа киэҥ-холку. Оннооҕор оҕолорбут наһаа сөбүлээн, куоракка барыахтарын баҕарбаттар. Наар көмпүүтэр иннигэр, дьиэҕэ хааллан олорбут оҕолор көҥүлгэ, киэҥҥэ-куоҥҥа көччүйэллэр, спордунан дьарыктаналлар, элбэх табаарыстарданнылар».

Кырдьык, нэһилиэккэ олох күөстүү оргуйар. Эргэ диэбэттэр, спортивнай саала сарсыардаттан аана сабыллыбат. Түөлбэнэн үлэ олус көхтөөх.

This post was published on 11.03.2016 12:03 12:03