Сайын кэлэн дэриэбинэлэргэ уунан хааччыллыы боппуруоһа сытыытык турар, дьиэ ис-тас үлэтэ, оҕуруот аһа барыта ууттан тутулуктаах. Кэлиҥҥи сылларга аҕыйах даҕаны киһилээх нэһилиэктэр сайыҥҥы уу ситимигэр холбоннулар. Маныаха, хас биирдии нэһилиэк уу харчытын, хас үлэһити тутарын бэйэтэ быһаарар. Бу туһунан СИА кэрэспэдьиэнэ үс баһылыгы кытары кэпсэттэ.
Николай Аммосов, Чурапчы улууһун Мугудай баһылыга:
Биһиги нэһилиэкпитигэр сайыҥҥы уу ситимин тимир турбата холбоммута уонча сыл буолла. Мин баһылыгынан талыллыам инниттэн үлэлиир. Сыллата өрөмүөнү эрэйэр да буоллар, билигин даҕаны син этэҥҥэ кыһалҕаны быһаарар. Дэриэбинэҕэ 817 киһи баар, сорохторо устудьуоннар, нэһилиэнньэ 90% ууга холбонон олорор. Турбабыт уһуна 6 км тахса, икки үлэһиттээхпит. Уунан туһанар дьон ый аайы 1000 солк. төлүүллэр. Турба ууну икки күөлтэн ылар Буоратай уонна Маралаайы. Сайын саҕаланыаҕыттан балаҕан ыйыгар диэри дьону ууннан хааччыйабыт.
Василий Хомподоев, Чурапчы улууһун Мырыла баһылыга:
Мырылаҕа сайыҥҥы уу турбата 2016 сылтан үлэлиир, биһиэнэ тимир буолбатах — пластик. 212 хаһаайыстыба сайыҥҥы уу ситимигэр холбонон олорор. Бу күннэргэ өрөмүөн үлэтэ бара турар. Ууну ардах суох кэмигэр күн аайы биэрэ сатыыбыт, сарсыарда уонна киэһэ 8 чааска. Биир киһи үлэлиир, дьонтон ыйдааҕы төлөбүр 700 солк.
Николай Сивцев, Уус Алдан улууһун Дүпсэ баһылыга:
Аан маҥнай сайыҥҥы уу ситимин турбатын 2003 сыллаахха баһылыктыы сылдьан тыа хаһаайыстыбатын бырагырааматынан киллэрбитим. Ол кэннэ, бу турба эргэрэн, алдьанан, билигин дэриэбинэҕэ сайыҥҥы уу турбата суох буолбута 5-6 сылыгар барда быһылаах. Инньэ гынан, иккистээн баһылыктыы кэлэрбэр тута бу боппуруоһунан дьарыктаммытым. Былырыын ППМИ (программа поодержки местных инициатив) кыттан 2 мөл. субсидия кыайбыппыт. Бырайыак быһыытынан саҥа уу турбатын иллэрээ сыл үлэҕэ киирбит уу скважинатыгар холбуохтаахпыт. Быйыл дэриэбинэ биир аҥарын, эһиил хаалбыт өттүн сайыҥҥы уу ситимигэр холбуохтаахпыт.
Көрүллүбүт үп бүддьүөккэ саҥардыы түстэ, онон сотору кэминэн бэдэрээччиттэри көрдөөн үлэбитин саҕалыахпыт. Биллэн турар, дьон-сэргэ сайыҥҥы өттүгэр ууга наадыйар, ол иһин улуус дьаһалтата водовоз массыынаны биэрбитэ. Онон нэдиэлэҕэ иккитэ бу массыына дьоҥҥо ууну таһар, биир уһаат сыаната 150 солк. Маны таһынан, чааһынай ууну таһааччылар эмиэ бааллар, уу таһыгар олорооччулар бэйэлэрэ тус носуостаахтар. Быйыл эһиил устун нэһилиэнньэни хайаан даҕаны сайыҥҥы уу ситимигэр холбуур былааннаахпыт.
This post was published on 07.06.2023 15:03 15:03