Ил Түмэн Култуураҕа уонна көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимҥэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Захар Никитин былырыын норуот дьокутааттарын саҥа састаабын хаҥаппыта. Кини ыччаты тыа сиригэр олохсутарга, улуустары киин сиртэн итэҕэһэ суох сайыннарарга, олорорго, үөрэнэргэ-үлэлииргэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийэргэ туспа көрүүлэрдээх. Ону таһынан, кини айар-тутар саҥа креативнай индустрияҕа үлэһиттэри бэлэмнээһин, сонуннары киэҥ эйгэҕэ тарҕатар ситим үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтии туһунан кэпсээтэ.
— Захар Николаевич, эн үлэҕин Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Дьол түһүлгэтэ» култуура кииниттэн уонна Майатааҕы норуодунай тыйаатыртан саҕалаабытыҥ. Кылаабынай режиссер быһыытынан ханнык айымньылары туруорбуккунуй уонна ол кэмнээҕи үлэҕин хайдах саныыгыный?
— Култуура уонна ускуустуба колледжын 1999 с. бүтэрэн баран, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетыгар ананан барбытым. Үлэбин «Дьол түһүлгэтэ» култуура кииниттэн саҕалаабытым, үксүн уруу киэһэлэрэ, үбүлүөйдэр, улуустааҕы тэрээһиннэр ыытыллар этилэр. Ыһыахтарга режиссер көмөлөһөөччүтүнэн, онтон режиссерунан үлэлээбитим. 2000 с. Улан-Удэ куоракка култуура уонна ускуустуба академиятыгар тыйаатыр режиссерун идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Эһиилигэр Дмитрий Ходулов аатынан норуодунай тыйаатырга кылаабынай режиссерунан анаммытым. Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларынан «Түүл» диэн испэктээк туруоран, «Бастыҥ режиссерскай саҕалааһын» диэн биһирэбилинэн бэлиэтэммитим. Салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ Алампа «Таптал» испэктээгин туруоран Гыраан-при, «Үчүгэй үлэлээх испэктээк» ааты ылбытым.
Бу кэмҥэ Майаҕа араас эйгэҕэ үлэлиир дьону түмэн, ыччат тыйаатырын тэрийбитим, гастроллуур, кэнсиэркэ кыттар этибит.
— Култуура эйгэтигэр итинник айымньылаахтык үлэлии сылдьан 27 сааскар хайдах нэһилиэк баһылыга буолбуккунуй?
— 2005 с. олохтоох бэйэни салайыныы нэһилиэктэргэ киирэригэр дойдум дьоно: “Баһылыкка турбаккын дуо?”, — диэбиттэригэр олуһун диэн соһуйбутум. Толкуйдаан баран холонон көрөргө санаммытым. Ол саҕана быыһык кэм буолан, баһылыктар иккилии сылга талыллаллара, мин хаттаан быыбарга кыайан, уопсайа түөрт сыл үлэлээбитим.
Төҥүлү эбэҕэ улахан уу кэлэн, бүддьүөттэн биир да үбү ылбакка субуотунньук бэрээдэгинэн мас кэрдэн, үрэҕи туоруурга күргэни туппуппут. Нэһилиэк ыалларын барытын хабан, сайыҥҥы уу турбатын тардыбыппыт, быраҕыллан турар кулуубу чөлүгэр түһэрэн оскуола, успуорт саалата, кулууп дьиэтэ элбэх хайысхалаах киин буоларын ситиспиппит, бэтэринээрдэр дьиэлэрин туппуппут, сылгы баазатын, быстах кэмҥэ кирэдьиит биэрэргэ, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэргэ кэпэрэтиип тэрийбиппит.
Баһылык үлэтэр бүддьүөтү, олохтоох бэйэни салайыныы сүрүн соругун өйдүүрбэр улахан көмө буолбута. Онтон Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыгынан ананан кэлбитим. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан муниципальнай бырагырааманы оҥостубуппут, сыл аайы улуус бүддьүөтүттэн 3 мөл. солк. үп тыырыллар этэ. Ону нэһилиэк кулууптара бырайыактары оҥорон, гыраан ылар кыахтаммыттара. Биир улахан бырайыакпыт ыһыахтыыр сирдэри чөлүгэр түһэрии этэ. Улууспутугар сыллата нэһилиэктэринэн Олоҥхо ыһыаҕын ыытар үтүө үгэһи киллэрбиппит. Быйыл Хара нэһилиэгэр ыытыллыахтаах.
— 2012 с. Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин дириэктэринэн үлэлиигин. Уонтан тахса сыл тухары бу үөрэх кыһатын сайыннарарга туох үлэ ыытылынна?
— Аграфена Дмитриевна Макарова: «Үөрэммит кыһаҕар салайааччынан үлэлиэҥ этэ», — диэн тыл көтөхпүтэ. СӨ култууратын миниистирэ Оччотооҕу Андрей Саввич Борисов ыҥыран, дириэктэринэн ананан кэлбитим. Бэйэм учууталларым баар буоланнар, үлэлиирбэр өйөбүллээх этим.
Үлэбин «Күн өркөн» диэн тосхолтон саҕалаабытым, выпускниктарбытын кытта ситими күүһүрдүбүппүт, сыл ахсын бастыҥнары талабыт. Кинилэр холобурдарыгар ыччаты иитиэхтээхпит. Ити тосхолбун байытан, 2019 с. научнай үлэ суруйан, педагогическай билим хандьыдаатын истиэпэнин көмүскээбитим.
Үөрэҕин бүтэрэр оҕо эрдэттэн ханна үлэлии барыахтааҕын билиэхтээх уонна бэлэмнэниэхтээх. Холобур, хоту дойду оҕото киин улууска үлэлии барарыгар олохтоохтор олоҕу көрүүлэрин билиэхтээх. Атын үөрэх кыһаларыгар бөлөҕүнэн үөрэтэллэр, биһиги тосхолбутунан норуот айымньытыгар уһуйааччы үөрэнээччини кытта биирдиилээн дьарыктанар. Онон биһиги оҕолорбут үөрүйэхтэрин, быраактыкаларын чааһа элбэх.
Аграфена Дмитриевна саҕалаабыт тутуутун салҕаан, мин үлэлиир кэммэр, 2014 с. Халтурин уулуссатыгар баар саҥа дьиэҕэ көһөн киирбиппит. Билигин үөрэнээччилэрбит элбээн, дьиэбит-уоппут кыараата.
Аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хааман, саҥа идэлэр салааларын арыйбыппыт, тыйаатырга, кулуупка уот, тыас-уус тиэхиньикэтин хааччыйар дьону бэлэмниибит. Ааспыт үөрэх дьылыгар креативнай индустрия оскуолатын арыйдыбыт. Сайдыы саҥа оскуолатыгар оскуола саастаах оҕолору хаартыска, видео, тыас-уус, аныгы электроннай муусука оҥорорго үөрэтэбит. Дьокуускайга тутуллуохтаах киинэ павильонугар айар үлэһиттэри бэлэмниэхпит.
Билигин ааптар бырааба күүһүрэн турар, онон муусукатыттан саҕалаан, барытын бэйэбит айдахпытына биирдэ тутулуга суох бородууксуйаны таһаарыахпыт. Куйаар ситимиттэн муусука ыллаххына, хааччахха киирэҕин.
1937 с. тэриллибит үөрэх кыһата буоламмыт, уһуйааччыларбыт эдэр көлүөнэҕэ үтүө үгэстэри, үөрүйэхтэри биэрэллэр. Билигин күнүскү салааҕа 274 оҕо үөрэнэр, кэтэхтэн 130. Биир миэстэҕэ 7-13 оҕо күрэстэһэн, үөрэххэ киирэр. Күнүскү салааны 60 оҕо бүтэрэр, ити муораҕа хааппыла кэриэтэ. Тохсус кылаас кэнниттэн киирбит оҕолор аҥаардара үрдүк үөрэххэ салгыы үөрэнэ, уолаттар Аҕа дойдуга ытык иэстэрин төлүү бараллар.
Биһиги выпускниктарбытын ханна баҕарар күүтэллэр, үгүс киирэр сайаапканы барытын кыайан толорбоппут. Биир оҕо түөрт сыл үөрэннэҕинэ бүддьүөттэн 2 мөл. солк. кэриҥэ ороскуоттанар. Үөрэҕин бүтэрбит оҕо атын эйгэҕэ баран хааллаҕына, ити харчыбыт туһата суох хаалар. Биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут оҕолорбутун тыа сиригэр үлэлии барарга үөрэтэбит.
Выпускниктары тэрилтэлэринэн, улуустарынан аттаран туруоруу төннөрө буоллар, быдан көдьүүстээх буолуо этэ. Кинилэр анаммыт сирдэригэр үс сылтан итэҕэһэ суох үлэлииллэрин ирдиир сокуон баара буолар. Оҕо кыаҕын, таһымын көрөн үлэҕэ аныахтаахпыт. Бүддьүөттэн босхо үөрэммит оҕо ону толуйуохтаах, дойдутугар туһаны оҥоруохтаах диэн санаалаахпын.
— Былырыын Ил Түмэн VII ыҥырыылаах мунньаҕар саҥа дьокутаат быһыытынан талыллан киирдиҥ, дьон олоҕун тупсарарга туох-ханнык көрүүлэрдээххиний?
— Тыа сиригэр болҕомтобутун ууруохтаахпыт диэн өйдөбүллээхпин. Ыччат тыа сиригэр төннөн кэлэрин ситистэхпитинэ, социальнай эбийиэктэр үлэлэрин хааччыйдахпытына, олорорго, үөрэнэргэ-үлэлииргэ киин сиртэн итэҕэһэ суох табыгастаах усулуобуйаны тэрийдэхпитинэ улуустарбыт сайдыа этилэр.
Эдэр дьон тыа сириттэн тэйдэхтэринэ, тылбытын-өспүтүн, омук быһыытынан ураты тыыммытын, төрүт култуурабытын сүтэриэхпитин сөп. Онон тыа сирин бигэ туруктаах оҥордохпутуна, дьоммут төрүт үгэстэринэн дьарыктанар түгэннэригэр олох бары эйгэтигэр үтүөнэн дьайар. Туох да эбиискэтэ суох төрүт аспытын аһаатахпытына, доруобай буолуохпут, сахабыт тылын сүөгэйин-сүмэтин илдьэ сылдьыахпыт.
Биһиги выпускниктарбыт тыа сиригэр баҕа өттүнэн бараллар, уһуйааччыларбыт кинилэри бэлэмнииллэр. 2025 с. «Култуура земскэй үлэһитэ” диэн бырагыраама киириэхтээх. Каадыры тыа сиригэр олохсутууга баһылыктар, тэрилтэ салайааччылара үлэлэһиэхтээхтэр. Кинилэр сайаапка ыыта-ыыта олороллор, ити тутах дии саныыбын. Аан бастаан оҕону быраактыкаҕа ыҥыран, нэһилиэктэрин көрдөрөн, дьону кытта билиһиннэриэхтээхтэр.
Нэһилиэккэ үчүгэй кулуубу туттахпытына сайдыахпыт дии саныыллар. Култуура диэн киһи киһини кытта үлэтэ, айымньылаах үлэһит кэлэн олохсуйдаҕына, хаарбах да туруктаах кулуупка кини дьону-сэргэни түмүөн, сайыннарыан сөп.
Каадыры олохсутууга бүтүн нэһилиэгинэн туруннахтарына, тахсыылаах буолуо этэ. Үөрэҕин бүтэрэ да илик оҕону үлэҕэ ылан үлэлэтэн, тыа сиригэр сыһыарыахха син. Үлэлии-үлэлии тус кыраапыгынан үөрэхтэрин бүтэрэр оҕолор бааллар. Выпускниктары хаһан да көрбөтөх сирдэригэр үлэҕэ ыыттахха, толлоллор, ол иһин алын куурустан бэлэмниэххэ наада.
— Өрөспүүбүлүкэ парламенын култуураҕа уонна көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимҥэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буолаҕын. Күн бүгүн бу эйгэҕэ туох-ханнык кыһалҕа ситэ быһаарылла илигий?
— Көрдөрөр-иһитиннэрэр ситим үлэһиттэрэ «ыам ыйынааҕы ыйаахха» киирбэтэхтэрэ, ол иһин кинилэргэ хамнаһы үрдэтии сытыытык турар. Бу боппуруоһу СӨ Идэлээх сойууһа, «Сахамедиа» холдинг эмиэ күүскэ туруорсар. СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияҕа министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлэһэбит. Тэрилтэ төһөнөн элбэх судаарыстыбаннай, муниципальнай сорудах ылар, оччонон хамнас үрдүөхтээх. Саҥа бырагыраама, бырайыак толкуйдаан, киирсэн иһиэххэ наада. Кыһалҕаттан сорох учууталлар иккилии ыстаапкаҕа үлэлииллэр, ол ноҕоруускалаах уонна үлэ хаачыстыбатыгар охсор.
Култуура салаатыгар, тыа сиригэр моделлаах ирдэбил киириэхтээх, ол аата кулууп хайдах үлэлиэхтээҕэ торумнаныахтаах, төгүрүк суукканы эргиччи үлэлиир харабылынан хааччылыахтаахтар. Култуура киинэ бүддьүөттэн үп ылара үлэһит, эбэтэр көрөөччү ахсаанынан чуолкайданыахтаах. Үлэлэрин ис хоһоонун байытарга ыйан-кэрдэн биэриэхтээхпит, сылга бачча испэктээк туруохтаах диэн оробуочай хамыыһыйа үлэлиэхтээх. Кулууптар туруктаах буолалларын уонна үлэлэрин ис хоһооно байарын ситиһиэхтээхпит.
Ааптар: Марианна Тартыкова, Саха парламент саайта