Ититэр систиэмэҕэ уу тиийбэтин кыһалҕата Усуйаана Депутаатскайыгар үөскээтэ. Манна ыксалаах быһыы-майгы биллэрилиннэ. «Поисковый» ууну тутар сиргэ ыарахан быһыы-майгы тыҥаан турар. Водохранилищены өрөмүөннүүргэ үбү-харчыны уталыппакка булар наада. Ити туһунан СИА-ҕа айылҕа харыстабылын министиэристибэтиттэн эттилэр.
Бөһүөлэк олохтоох дьаһалтата уу таһымын 373 м диэри түһэрэригэр сорудахтаммыт. Ити түмүгэр уу таһыма олунньу ыйга уу бүтүөн сөбүн туһунан сабаҕалааһын баар. Ону таһынан ууга анаммыт тутуу алдьанар куттала баар. 30 м үрдүктээх, 400 кэтиттээх дамба 360 тыһ.куб м ууну тутан турар.
Миниистири солбуйааччы Эдуард Пихтин этэринэн, ыксалаах быһыы-майгы фондатыттан үп-харчы булар наадалаах.
«Ууну ыраастааһын оҥоһуллар сиригэр даамба сороҕун бөҕөргөттөххө эрэ уу таһымын үрдэтиэххэ сөп. Оттон бу тутуу уйбакка тоҕо бардаҕына, 360 тыһыынча кубометр уу Депутаатскайдааҕы хайаны байытар кэмбинээт диэки барар кутталлаах», — диэн кини эттэ.
Эдуард Пихтин иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ уу комплексын сайыннарыы судаарыстыба бырагырааматын чэрчитинэн маныаха бырайыактыыр-көрдүүр үлэҕэ 6 мөл.солк. көрүллүбүт. Тутууну өрөмүөннээһиҥҥэ 600 мөл.солк. наада.
This post was published on 25.07.2016 16:08 16:08