Саха сиригэр 2023 сылга алта дьыссаат тутуллар. 2018 сылтан барыта региоҥҥа 72 оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрэ үлэҕэ киирдэ, бу уочараты тохтотто.
«Демография» национальнай бырайыагынан Нам улууһун Кириэс-Кытылыгар 240 миэстэлээх дьыссаат тутулунна, манна музыка уонна спорт саалалардаах, компьютернай кылаастаах, логопед уонна психолог кабинеттаах, сынньанар, күүлэйдиир, спорт былаһааккалардаах. Эбийиэк видеонан кэтээн көрөр систиэмэлээх, харабыл, баһаарынай өттө силигин ситэн турар.
«Баһылыкпытыгар Айсен Сергеевичка махтанабыт. Тыа сирин олохтоохторун, үүнэр көлүөнэ үөрэхтээх, иитиилээх, сайдыылаах буоларыгар кыах биэрэригэр», — диэтэ Аида Местникова, дьыссаат сэбиэдиссэйэ.
Демография бэлиитикэтин ахсыс сылын аайы ыытыллар Россиятааҕы «Демографическое развитие Дальнего Востока и Арктики» кэмпириэнсийэҕэ кэпсэтиэхтэрэ. Тэрээһин от ыйыгар Амур уобалаһыгар буолар.
This post was published on 09.06.2023 16:01 16:01