2024 сылга диэри суоттаммыт “Демография” национальнай бырайыак иһинэн 5 федеральнай бырайыак үлэлиир. Ол иһигэр “Аҕам саастаах көлүөнэни систиэмэлээхтик өйүүр, олоҕун хаачыстыбатын тупсарар бырагырааманы оҥоруу, олоххо киллэрии” бырайыак чэрчитинэн, араас хабааннаах үлэ ыытыллар, диэн суруйар edersaas.ru
«Сахастат» саайта көрдөрөрүнэн, Саха сиригэр 2018 сылга 967 009 киһи олорор. 70-тан үөһэ саастаахтар – 43,2 тыһыынча киһи. Киһи үйэтэ уһаан эрэрэ статистикаттан эмиэ ырылхайдык көстөр: 1989 сыллаахха бу сыыппара — 19 тыһыынчаҕа, 2005 сыллаахха – 29 тыһыынчаҕа, 2015 сыллаахха 37 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр этэ. Бу дааннайы Биэнсийэ пуондата эмиэ бигэргэтэр. Саха сиригэр билигин 278 тыһыынчаттан тахса биэнсийэлээх баар. 2002 сылга биэнсийэлээх ахсаана – 198 тыһыынча киһи этэ. Ол эбэтэр, 16 сыл иһигэр 80 тыһыынчанан элбээбит. Оттон саҥа тахсааччы ахсаана аҕыйаан иһэр эбит. Урут сылга 25 тыһыынча кэриҥэ киһи биэнсийэҕэ саҥа тахсар буоллаҕына, былырыын 17,3 тыһыынча киһи тахсыбыт. Ол үрдүнэн, биэнсийэлээх ахсаана аҕыйаабат. Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов, бу көстүү төрүөтүнэн орто саас уһаабытын ааттыыр. 80 саастаахтар ахсааннара 2012 сыллаахха 8 664 киһи этэ, былырыыҥҥы чахчынан — 13 178 киһи. Ол аата 7 сыл иһигэр кырдьаҕас киһи ахсаана 48% үрдээбит. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 100 сааһын туолбут 15 киһи баар. Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ киһи орто сааһын уһуна – 71,3 сыл. “Сахастат” урукку сыллары тэҥнээн, ырытан көрөн баран, 2035 сылга орто саас уһуна төһө буолуоҕун билгэлээн, үс барыллааһыны оҥорон көрбүт. Онно этиллэринэн, орто саас саамай намыһах, мөлтөх барыллааһынынан — 73,8 сылга, үрдүк барыллааһынынан – 79,3 сылга тэҥнэһиэхтээх. Ортотунан 75,5 сылга тэҥнэһиэ диэн барыллаабыттар. Онон киһи үйэтэ уһаан иһэрин сыыппаралар эмиэ туоһулууллар. Киһи үйэтин уһааһына оҕо төрөөһүнүн сэргэ, нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтэр. Онон “Демография” национальнай бырайыак үлэтэ-хамнаһа аҕам саастаах дьон үйэлэрин уһатарга, кинилэр олохторун хаачыстыбатын тупсарарга туһуланар.
Үбүлээһинэ төһөнүй?
“Аҕам саастаах көлүөнэ” бырайыакка уопсайа 537,7 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт (федеральнай бүддьүөттэн – 325 мөлүйүөн солкуобай, өрөспүүбүлүкэттэн — 212,4 мөлүйүөн солкуобай). Эрэгийиэннээҕи бырайыак сүрүн сыала – киһи орто сааһын уһатыы, аҕам саастаах дьоҥҥо көмөлөһүү, олохторун чэпчэтии. Ол чэрчитинэн, 2019 сылга 23 мобильнай биригээдэ тэриллэн, 14 анал массыына атыылаһыллыбыт. Бу массыыналарынан кытыы дэриэбинэлэргэ олорор кырдьаҕастары улуус киинигэр, балыыһаларга таһаллар. Маны таһынан федеральнай бүддьүөттэн 8,5 мөлүйүөн солкуобай көрүллэн, 9 массыынаны эбии атыыласпыттар. 5,2 тыһыынча аҕам саастаах, үлэлиир кыахтаах дьоҥҥо пневмококк ыарыыны утары быһыы оҥоһуллубут. Биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах 900-чэ киһи эбии үөрэнэн, идэ ылбыт. Бу бырайыагынан Бүлүүтээҕи психоневрологическай интэринээт дьиэтин тутуу салҕаныа. Ону тэҥэ, Өлүөхүмэҕэ кырдьаҕастар, инбэлииттэр стационарнай социальнай хааччыллыыларыгар анаан 200 миэстэлээх куорпуһу тутуу саҕаланна.
Ыраах нэһилиэктэргэ үлэлээтилэр
Национальнай бырайыак улуустарга хайдах үлэлиирий? Бүлүү улууһугар ыраах сытар I, II Күүлэт нэһилиэктэригэр быраастар уонна социальнай үлэһиттэр биригээдэлэрэ баран, аҕам саастаах дьон доруобуйаларын көрөн-истэн, сүбэлээн-амалаан, кыһалҕаларын быһаарсан кэллилэр. Бу “Демография” бырайыак чэрчитинэн ыытыллар үлэ буолар. Сыл аайы олунньу, кулун тутар ыйдарга улуустааҕы киин балыыһа уонна социальнай көмүскэл тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ тэйиччи сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга тиийэн, маннык үлэлээн кэлэллэрэ үгэскэ кубулуйда. Онон олохтоохтор саас аайы кэтэһэр буолбуттара ыраатта. Доруобуйаларын көрдөрөллөрүн таһынан, араас социальнай боппуруостарга ыйытыыларыгар харда туталлар. Социальнай көмө арааһа элбэх – босуобуйалартан саҕалаан, биэнсийэҕэ, социальнай хантараакка тиийэ быһаарсыахха наада. Бырайыак чэрчитинэн, Социальнай өҥөнү оҥорор кэлим киин Бүлүүтээҕи салаата “УАЗ” микрооптуобуһу ылбыта. Бу массыынанан ыраах нэһилиэктэртэн улуус киинигэр саастаах дьон доруобуйаларын көрдөрүнэ киирэллэригэр таһаллар. “Демография” диэн суруктаах массыына уулуссаларынан элэстэнэрин кырдьаҕастар үөрэ көрөллөр. Тэйиччи сытар нэһилиэктэр суоллара-иистэрэ соччото суоҕа биллэр, онуоха бу “УАЗ” саҕа табыгастаах массыына суох. Дьаһалта, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ эмиэ араас боппуруостарга быһаарыы, сүбэ-ама ыллылар. Холобур, дьаһалта үлэһиттэрэ социальнай көмөҕө наадыйар кыаммат дьону, ыаллары персонифицированнай учуот испииһэгэр киллэриэхтээхтэр. Тыыл бэтэрээннэрин дьиэлэрин өрөмүөннээһиҥҥэ, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ биирдэ бэриллэр көмөнү, социальнай хантараагы биэрэргэ, о.д.а. бииргэ үлэлииргэ былааннары чопчулаатылар. Улуустааҕы балыыһа быраастара дьиэҕэ сытар кыаммат дьону баран көрдүлэр-иһиттилэр. Ону тэҥэ, олохтоохтор доруобуйаларын бэрэбиэркэлээтилэр. Тыа сирин олохтоохторо тус хаһаайыстыбаларыгар үлэлииллэрин таһынан, бэйэ дьыалатын арынан, харчылаһыахтарын баҕараллар. Онуоха Бүлүү улууһун Урбааны өйүүр киинин, Субсидия ааҕыныстыбатын салайааччылара, миграционнай пуун, Ыччаты, дьиэ кэргэни өйүүр психологическай киин, Элбэх өҥөнү оҥорор киин үлэһиттэрэ элбэх сүбэни-аманы биэрдилэр. Олохтоохтору “Госуслуги” порталга киирии, Ийэ хапытаалын, эдэр ыалларга көмөнү, араас босуобуйалары, чэпчэтиилэри ылыы, о.д.а. боппуруостар интэриэһиргэтэллэр. Салгыы исписэлиистэр эмиэ ыраах сытар Тылгыны, Үгүлээт нэһилиэктэригэр үлэлээтилэр.
Уһун үйэлээхтэр
Аан дойдуга аҕам саастаах дьон ахсаана балысханнык элбиир. Арассыыйа уһун үйэлээхтэрин ахсаанынан 2-с миэстэни ылбыта. 2019 сылга 100 сааһын ааспыт 20 582 киһи олороро биллибитэ. Ол, 2017 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 17%-нан элбэх. Саха сирэ эмиэ уһун үйэлээхтэринэн аатырара. 1897 сыллаах биэрэпис көрдөрөрүнэн, 90-тан тахса киһи 100 сааһын ааспыта бэлиэтэммитэ. Ол эрээри, оччолорго киһи төрөөбүт сылын быһаарыы үксүгэр бутуурдаах буолара, онон бу чахчылар төһө чуолкайдара биллибэт. 2006 сыллаахха Сааскылаахха олорор 117 саастаах Варвара Семенникова аан дойдуга саамай өр олорбут киһинэн билиниллибитэ. Кини омугунан эбэҥки, 90 сааһыгар диэри үлэлии-хамсыы сылдьыбытын үлэтин киниискэтэ туоһулуур. 115 сааһыгар диэри дьиэ үлэтиттэн толлон турбат этэ. Иккитэ кэргэн тахсан, икки оҕоломмута эрээри, оҕолоро эдэр саастарыгар өлбүттэрэ. 50-нун туолаары сылдьан, 27 сыл балыс булчут уолга кэргэн тахсыбыта, кыыс оҕону иитэ ылбыта. Онон сиэннэрин, хос сиэннэрин далбардарыгар олорон, 2008 сыллаахха өлбүтэ.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 05.03.2020 15:28 15:28