Демография куонкурсугар горнайдар чыпчаалга таҕыстылар

Россияҕа дьиэ кэргэн сылын сүрүн соруктара Саха сиригэр толоруллаллар.

Дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтүү, улахан үгүс көлүөнэлээх ыалга ытыктабыллаах сыһыан, оҕо төрүүрүгэр усулуобуйа тэрийии, элбэх оҕолоох ыаллары өйөөһүн — өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сүрүн сыаллара. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев туһааннаах мунньахха эттэ. Сыл бүтүөр диэри өссө туохха болҕомто уурулларыгар кэпсэттилэр.

Саха сирэ оҕо төрөөһүнүгэр Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэҕэ турар, оттон дойдуга — ахсыс.

«Биһиэхэ дьиэ кэргэттэри өйүүргэ улахан уопут баар, ону салгыы сайыннарабыт. Дьиэ кэргэн сылыгар ити миэрэлэр кэҥэтиллэн биэрдилэр», — диэтэ салайааччы.

Улуустар, куораттар олохтоохторун өйүүр сыалтан, демография уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр бастыҥ көрдөрүүлээххэ 10 мөл солк суумалаах Ил Дархан грана олохтоммута.

«Бастакы куонкурус кыайыылааҕа — Горнай улууһа! Бу улахан уонна ситимнээх үлэ түмүгэ. Ис дууһабыттан эҕэрдэлиибин!», — диэн суруйда t.me/aisen_nikolaev

This post was published on 30.07.2024 14:01 14:01