Үөдэй нэһилиэгэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт “Блиндаж чүмэчитэ” аахсыйаттан туора турбата.
Нэһилиэк бары тэрилтэлэрэ, түөлбэлэрэ, общественнай түмсүүлэр көхтөөх кыттыыны ыллылар. “Чуораанчык” оҕо уһуйаана 52 устуука чүмэчини уулларан, хас биирдии бааҥкаҕа “Саха саллаатыгар” диэн аадырыстаан сурук уктулар. “Күбэйэ”, “Ымыйаана” түмсүүлэр, “Сардаҥа”, “Айылгы”, “Кэскил”, “Тэтим”, “Сайдам” түөлбэ олохтоохторо, нэһилиэк бары тэрилтэлэрэ күүс-көмө буолан уопсайа 233 блиндаж чүмэчитэ оҥоһуллан туттарылынна.
Анал байыаннай дьайыыга кыттыыны ыла сылдьар уолаттарбыт этэҥҥэ сулууспалаан, дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэрин эрэнэ күүтэбит диэн олохтоохтор ис дууһаларыттан баҕа санааларын тиэрдэллэр.
Ааптар: Екатерина Эверстова, @gazetaensieli
This post was published on 25.01.2024 14:01 14:01