Красноярскай кыраайга Дьэһиэй бөһүөлэгэ төрүттэммитэ 395 сылын көрсө Саха сириттэн дэлэгээссийэ тиийэ сырытта. Дьэһиэй олохтоохторо сахалыы үгэһи, сиэри-туому тутуһан Ыһыах тэрийдилэр.
Сахалыы сиэринэн ыһыах утаҕа – Кымыс. Дьэһиэй сахаларыгар СӨ «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтэ Мэҥэдьэк кымыһын ыыппыта. (Санатан эттэххэ, Ньурба улууһун Маалыкай бөһүөлэгэр баар «Мэҥэдьэк» отделение бэс ыйыгар биэлэрин ыан кымыс оҥорор).
Дьэһиэй сахалара ынах, сылгы, таба ииппэттэр. Кинилэр сүрүн дьарыктара балыктааһын. Дьэһиэй күөл устата 33 км, туората 28 км.
Бу улахан эбэ тула 4 үйэ тухары олорон кэлбит сахалар үгүстэрэ кымыһы саҥа амсайдылар.
Владимир Терентьевич Ботулу 1997 сыллаахха Дьокуускайга кымыһы амсайбыт, ол кэннэ иһэ иликпин диир. 26 сыл буолан баран, Мэҥэдьэк биэтин үүтүттэн оҥоһуллубут кымыһы амсайда: «Үчүгэй баҕайы».
Дьэһиэй сахаларын өссө биир уратыта кинилэр аҕа уустарынан олороллор. Барыта 6 аҕа ууһа баар: Маймаҕа, Ботулу, Бэти, Чорду, Өспөх уонна Оһоҕостоох. Бу аҕа уустарынан араспаанньалара ааттанар эбит.
Дьэһиэй бөһүөлэгэ 1628 сыллаахха тэриллибит. Эвенки оройуонун кииниттэн Тураттан бөртөлүөтүнэн тиийэллэр. Көтөр аал нэдиэлэҕэ биирдэ сылдьар. Оскуола 154 оҕолоох, онтон оҕо саадыгар 75 иитиллээччилээх.
Ааптар: Екатерина Захарова