Дарья Лаврова “Миссис Россия” куоластааһыныгар кыайан иһэр

Саха сирин биллиилээх ырыаһыта Дарья Лаврова “Миссис Россия” күрэххэ кытта сылдьар. Кини биир дойдулаахтарын күрэс саайтыгар киирэн, куоластаан өйүүллэрин көрдөһөр.


Бу туһунан Дарья инстаграм сирэйигэр таһаарбыт. «Түмсүүлээхпитин көрдөрүөҕүҥ» диэн ырыаһыт ыҥырбыт.

Билиҥҥитэ Дарья Лаврова кыайан иһэр.

Бэҕэһээ ырыаһыт күрэх айар түһүмэҕэр биэс бастыҥнар истэригэр киирбит.

Миссис Россия Мира диэн күрэххэ ыал ийэлэрэ кытталлар. Дарьяттан ураты Саха сирин Алдан куоратыттан Антонина Бочкарева уонна Корина Мандур кытталлар. Билиҥҥитэ үһүөн куоластааһыҥҥа бастаан иһэллэр.

Куоласкытын mrsworld.ru саайтка киирэн хаалларыҥ.

This post was published on 14.08.2020 16:01 16:01