Саха дьоно былыр-былыргыттан түөлбэнэн арахсан олороллор. Онон түөлбэ, аныгылыы эттэххэ ТОС, олохтоох территория сайдарыгар оруолун туһуунан кэпсэтии элбэх дьон болҕомтотун тардар. Бэлиэтээн эттэххэ, ТОС социальнай хайысхалаах коммерческайа суох тэрилтэ быһыытынан 2014 сылтан үлэлиир.
Ити эрээри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн государственнай регистрацияны ааспыт ТОС ахсааннаах диэн бэлиэтэнэр. Юстиция министиэристибэтин специалиһа Дарияна Русинова: «Атын уопсастыбаннай түмсүүнү регистрациялыыртан ТОС-тары регистрациялыыр уустуктурдаах, икки төгүл элбэх докумуон ирдэнэр. ТОС-ка киирэр 16 сааһын сиппит киһи ахсаанын испииһэгэ хайаан да наада, олохтоох дьаһалтаны кытары ыытар, тэрийэр үлэлэрэ чуолкай буолуохтаах. ТОС бэйэтин эрэ территориятыгар үлэ ыытар кыахтаах. Быйыл Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы уонна Гражданскай көҕүлээһин сыллара буолан, ТОС-тарга «күөх уот» бэриллэр», — диэн кэпсээтэ.
Биирдиилээн улуустар туох-ханнык санаалаахтарын билсиэҕиҥ.
Василий Попов, Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин баһылыга, «Хомустаах» ТОС бэрэссэдээтэлэ:
– Биһиги 2014 сыллаахха ТОС тэриллэригэр конференция ыыппыппыт, Сэбиэт састаабын талбыппыт. Онтон конференция боротокуолугар олоҕуран, бэс ыйын 27 күнүгэр «Хомустаах» ТОС регистрацияламмыта, от ыйыгар юстиция кэмитиэтэ докумуоннарбытын туттарбыта. ТОС олохтоох дьаһалтаны кытары ситимнээхтик үлэлиир. Бөһүөлэк иһин ыраастыыр, тупсарар үлэлэргэ мэлдьи кыттабыт. Саҥа сыбаалка оҥорбуппут. Кыайыы 70 сылыгар сквер тутуутугар үлэлээтибит, сэрии бэтэрээннэригэр үлэнэн көмөлөстүбүт, оҕо оонньуур былаһааккатын оҥоруутугар кыттыстыбыт. Уопсастыбаннай туалет, Кэптэни — Хомустаах суолугар автобус тохтобулун туттубут. ГТО киирэринэн сибээстээн уонна бу Гражданскай көҕүлээһин сылыгар анаан спортивнай былаһаакка бырайыагын көмүскээтибит. Бырайыакпыт кыайан, олоххо киирээри үлэ-хамнас ыытылла турар. Онон үлэбит түмүктээх буолуо диэн эрэнэбит.
Аксинья Кудайбирдиева, «Бүлүү улууһа» МО социальнай боппуруостарга салаа начальнига:
– Нэһилиэктэринэн уопсайа 50-тан тахса түмсүү баар. Биһиги улууска социальнай хайысхалаах коммерческайа суох тэрилтэлэргэ диэн муниципальнай бырагыраамалаахпыт. Сылга 400 тыһ. солк. көрүллэр. Онно куонкурус ыыттахпытына, тэрилтэлэр ол бырайыакка үлэлэһэллэр. Былырыын 2015 сылга «Общество прав потребителей» диэн коммерческайа суох тэрилтэбит Россия таһымыгар кыттан, 1 мөл. суумалаах грант ылбыта. Быйыл бу түмсүү Бүлүү улууһугар сибээс тупсарыгар эмиэ үлэ ыыта сылдьар. Улууспутугар нэһилиэктэр икки ардыларыгар 4-с сылын фестиваль ыытыллар. Бу социальнай хайысхалаах, култуурунай-спортивнай күрэхтэр. Бастаабыт түөлбэ массыына ылар. Онон улууспут сайдарыгар уопсастыбаннай түмсүүлэр төһүү күүс буолаллар.
Анна Сафонова, Өлүөхүмэ оройуонун дьахтар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Ыччат уонна дьиэ кэргэн отделын салайааччыта:
– Биһиги улууспутугар бу сыл эмиэ Гражданскай көҕүлээһин сылынан биллэрилиннэ. Регистрацияламмыт коммерческайа суох тэрилтэ олох аҕыйах. Ол иһин быйылгы сылга сыалбыт-сорукпут диэн, коммерческайа суох тэрилтэлэри регистрациялыырга уонна устаабы, сайабылыанньаны, отчуоту, уопсайынан докумуоннары сөпкө толорорго үөрэтиэхтээхпит.
Владимир Поскачин, «Үөһээ Бүлүү» улууһа МТ баһылыга:
– Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарарга эбэһээт харчы наада буолбатах. Территорияны ырааһырдыы диэн эмиэ тупсарыыга киирэр. Онно түөлбэлэр үлэлэһиэхтэрин наада. Түөлбэлэр бэйэлэрин оройуоннарын мэлдьи көрүнэллэр. Ол иһин бу сылы Түөлбэ сыла диэтибит. Түөлбэлэр түмсүүлээхтик үлэлииллэр. Ол эрэн, регистрацияны ааспыт коммерческайа суох тэрилтэ биһиги улууска икки эрэ: инбэлииттэр уопсастыбалара уонна «Манчаары» оонньууларын пуондата. Докумуона элбэх буолан, үксµлэрэ регистрацияламмакка сылдьаллар.
This post was published on 12.03.2016 15:44 15:44