Дьарҕаалаахха баара-суоҕа 224 киһи олорор. 6 хорсун хоодуот уол анал дьайыыга кытта сылдьар.
Нэһилиэк олохтоохторо оҕолоругар дьайыы саҕаланыаҕыттан кыалларынан көмөлөҺөргө, өйүүргэ кыҺаллаллар. «Бу күннэргэ атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын тэрийэн ыыттыбыт. Биир да киҺи туора турбакка, ас-таҥас атыылааммыт 53500 солк. киирдэ. Сүрүннээн эт, балык, отон уо.д.а. олохтоох бородууксуйа атыыланна. Бу харчыбытын оҕолорбутугар Аҕа дойду көмүскээччитин күнүн көрсө кэҺии хомуйарга туттуллуоҕа. Түгэнинэн туҺанан, нэҺилиэкпит олохтоохторугар барыларыгар махтанабыт. БиҺиги күүспүт — түмсүүбүтүгэр,»- диэн учуутал Клара Захарова-Стручкова үтүө сонунун үллэҺиннэ, диэн «Бытантай уоттара» хаһыат СИА-ҕа суруйда.
This post was published on 23.01.2024 11:01 11:01