Дьарҕаалаахха "Күөх эриэйсэ" кэллэ

Хаартыска: Бытантай уоттара хаһыат

Хоту улуустарга бу кэмнэргэ хортуоппуй, оҕуруот аһа тиэниилээх «күөр эриэйсэлэр» тиийтэлииллэр.

«Биһиэхэ бэҕэһээ 1 туонна хортуоппуй тиэйиилээх Ан-2 сөмөлүөт кэллэ. Аны өссө биир эриэйсэ кэлиэхтээх,»- диэн нэһилиэк баһылыга Лев Горохов сырдатта.

Уустук суоллаах- иистээх Эбээн-Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар «Күөх эриэйсэ» көтөр аал күүтүүлээх дьаһал, диэн суруйда «Бытантай уоттара» телеграм-ханаал.

This post was published on 18.10.2024 13:36 13:36