Дьаныардаах дьарык халтай хаалбата

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара Анон Бураджук уонна Нина Дмитриева ВорлдСкиллс (WorldSkills) эрэгийиэннээҕи VI аһаҕас чөмпүйэнээккэ ситиһиилээхтик кыттан, финалга таҕыстылар. 


Университет хамаандатыгар инфраструктура технологиятын кэллиэһиттэн “плитканы сыбааһын” итиэннэ “маляр уонна декоративнай дьыала” компетенцияҕа түөрт устудьуон киирбитэ. Ол түмүгэр, бастакы компетенцияҕа Антон Бураджук, иккис компетенцияҕа Нина Дмитриева бастаатылар.

Биһиги устудьуоннарбыт талан ылбыт идэлэригэр сатабылларын, дьоҕурдарын көрдөрөр хас даҕаны тургутууну аастылар. Куонкурус сорудахтара уустуктар, олору тутулуга суох эспиэрдэр сыаналаатылар. Дьаныардаах дьарык, чиҥ билии түмүгэр сүүмэрдээһини ситиһиилээхтик аастылар. Салгыы чөмпүйэнээт кэлэр түһүмэҕэр бэлэмнэниэхтэрэ”, — диэн университет инфраструктурнай технологияларга кэллиэһин научнай-методическай үлэҕэ дириэктэрин солбуйааччы Игорь Санников кэпсээтэ.

Ыспыраапка

ВорлдСкиллс (WorldSkills) эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэр Саха сирин оройуоннарыттан уонна дойду араас эрэгийиэннэриттэн, 60 компетенцияҕа 300-тэн тахса эдэр дьон кытынна.

This post was published on 28.02.2018 12:00 12:00