Дьахтар сахалыы таҥаһа төһө сыаналаах буоларый?

Хаартыска: Диана Новгородова, "Саха сирэ" сайт

Ыһыаҕы дьон бары, улаханныын-кыралыын, долгуйа күүтэллэр. Дьахталлар ыһыахха  сылы  быһа  бэлэмнэнэн, халадаай ырбаахы тиктэрэллэр, сахалыы атах таҥаһын, илин-кэлин кэбиһэри, бастыҥаны атыылаһаллар эбэтэр сакаастаан оҥортороллор. 

Дьахтар сахалыы таҥаһын сыаната  төһө буоларый? Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка араас маҕаһыыннары кэрийэн, сыананы  үөрэтэн баран, маннык түмүккэ кэллим.

Халадаай: сыаната матырыйаалыттан уонна быһыытыттан-таһаатыттан тутулуктаах. Саамай боростуой халадаай 6-8 тыһ солк саҕаланар, биллэр дизайнердар халадаайдарын 60-70 тыһ солк да атыылыыллар. Холобур, «Хотой Бренд» маҕаһыыҥҥа быйыл саамай сыаналаах халадаайы 25 тыһ солк атыыласпыттар. Онон, халадаай орто сыаната — 12-16 тыһ солк диэн буолла.

Сахалыы киэргэллэр: үрүҥ көмүс илин кэбиһэр сыаната 37 тыһ солк саҕалаан 200-тэн тахса тыһ солк тиийэр.  Көннөрү тимиртэн оҥоһуллубут  илин кэбиһэр лаппа чэпчэки – 2-3 тыһ солк буолар.  Бастыҥа сыаната 30-90 тыһ солк, бөҕөх – 45-90 тыһ солк тиийэр. Үрүҥ көмүс ытарҕа сыаната 3 тыһ солк саҕаланар.

Хаартыска: Ушатова Нарыйаана.

Атах таҥаһа:  Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга сахалыы моһуоннаах дьахтар, эр киһи саппыкытын  тигэн атыылыыр буоллулар. Сыаната араастаһар, ортотунан 10 тыһ солк буолар. Онтон «экокожаттан» оҥоһуллубут  дьахтар саппыкыта  быдан чэпчэки – 4500  солк.

Онон дьахтар баһыттан атаҕар диэри таҥнар буоллаҕына, уопсайа 150 тыһ. солк. тахса харчы диэн суоттаатыбыт.

Ушатова Нарыйаана, «Саха сирэ» сайт

This post was published on 23.06.2023 16:28 16:28