Унньуктаах уһун кыһыннаах Саха сиригэр кыһынын дьиэни сылытан олоруу көннөрү ыал эрэ кыһалҕатын таһымыттан тахсан, нэһилиэнньэ кырата суох бырыһыанын хабар социальнай кыһалҕа буолар.
Тыа сирин дьоно, гаас ситимэ тардыллара уустуктардаах өртүлэригэр олорооччулар, гааска холбоммут нэһилиэктэргэ ымсыырарга эрэ тиийэллэр. Ол түмүгэр, кирпииччэ оһоххо хаалбыт уонна кииннэммит ититиини кыайа илик нэһилиэктэргэ нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйыы турара мэлдьэх буолбатах.
Уһук, Чурапчы улууһунуун кыраныыссалаһар Дьабыыл нэһилиэгэр ити кыһалҕаны саатар сымнатар суол быһыытынан олохтоох баһылык Дмитрий Петров биирдиилээн ыал дьиэтин убаҕас гаас оттукка холбооһун суолун көрөр, суруйда @gazetaerkeii
This post was published on 14.07.2023 10:28 10:28