Томпо улууһун Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгиттэн тутуллубут үрүҥ эһэни Москубаҕа ыытыахтара. Маннык быһаарыыны ыам ыйын 12 күнүгэр Москубаҕа ыытыллыбыт Кыһыл кинигэҕэ киирбит дьиикэй сэдэх кыыллар хамыыһыйалара ылла. Үрүҥ эһэ доруобуйатын туруга мөлтөҕүнэн итинник быһаарыыны ыллылар диэн, айылҕа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Росприроднадзор салайааччыта Светлана Радионова үрүҥ эһэ ырганын уонна тиистэрин туруга мөлтөҕүн эттэ.
«Дьокуускайга эһэ туругун толору чинчийэр кыах суох. Ол иһин кыылы Москубаҕа аҕаларга быһаарынныбыт. Манна исписэлиистэр эһэ туругун чуолкай быһааран туһааннаах көрүүнү, эмтэниини аныахтара», — диэтэ кини.
Барыллаан чинчийии түмүгүнэн булуллубут үрүҥ эһэ икки саастаах тыһы буолара быһаарыллыбыт.