Томпо улууһун Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгэр бу сарсыарда киирбит үрүҥ эһэни тутуохтара. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ итиэннэ Росприроднадзор кыылы тутан, Дьокуускайга аҕалыахтара. Бүтэһиктээх быһаарыыны бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников салайар өрөспүүбүлүкэтээҕи ыксаллаах быһыыга-майгыга кэмитиэтэ ылыныа.
Бүгүн тустаах бөлөх Томпо улууһугар көтөрө былааннанар. Билиҥҥи былаанынан үрүҥ эһэни Дьокуускайдааҕы «Орто Дойду» зоопаркатыгар аҕалыахтара.
Бу сарсыарда Томпо улууһун Дьабарыкы Хайа нэһилиэгэр кыһыл кинигэҕэ киирбит үрүҥ эһэ киирбитин биллэрбиттэрэ. Олохтоохторго сэрэхтээх буолалларыгар эппиттэрэ.