Алтынньы 28-29 күннэригэр Дьокуускайга «Саха сирин балыга» дьаарбаҥка үлэлээбитэ. Бу икки күҥҥэ тэрилтэлэр 20 туоннаттан тахса балыгы атыылаатылар.
Дьаарбаҥкаҕа 17 балыктыыр уонна оҥорон таһаарар тэрилтэ, хотугу улуустартан общиналар кыттыбыттара. Маны тэҥэ, 12 пиэрмэр хаһаайыстыбата ынах, убаһа этин, 5 хаһаайыстыба мүөттээх ыҥырыа бородууксуйатын атыылаатылар.
Икки күн иһигэр балык атыытыттан барыс 8 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Быйыл балык дьаарбаҥкатыгар 15 тыһыынчаттан тахса киһи сылдьыбыт. Кинилэр сибиэһэй бородууксуйаны хото атыыластылар, кыһыҥҥыга хаһааннылар.
Дьаарбаҥкаҕа кэлбит дьон сибиэһэй балыгы уонна балык миинин амсайар түгэҥҥэ тиксибиттэрэ диэн СИА суруйар.
Ангелина Васильева, Саха сирэ
This post was published on 30.10.2023 15:23 15:23