Сыыс от тиэргэн тас көстүүтүн буортулуура биллэр. Онон бу үүнүүнэн дьиэҥ таһын айгыраппыт буоллаххына, ыстырааптыыллара көҥүллэниэ диэн Василий Данилов, «Сенатор» Евразийскай юридическай ассоциация сүрүн юриһа «Прайм» агентствотыгар кэпсээтэ.
«Мантан ыла даачалаахтар тиэргэннэрин таһын ыраастык туталлара ирдэниэҕэ. Бас билээччилэр дьиэлэрин таһын кэмиттэн кэмигэр сыыс оттон ыраастабатахтарына ыстырааптыахтара”, — диэн Василий Данилов бэлиэтээтэ.
Ол эрээри, бу миэрэнэн эппиэтинэскэ барыларын тардаллара хааччахтаак. Ыстыраап суруйар буоллахтарына, даачаҥ тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сиргэ турар буолуохтаах. Сыыс окко току-току ньээм-ньээм, сытыган эрбэһин, абааһы талаҕа киирсэллэр. Ыстырааптыылларыгар олбуоруҥ 50 % бу окко былдьаммыт буолуохтаах.
Маны таһынан, даачаҕар карантин болдьохтоох сыыс үүнээйини соруйан үүннэрэр, эбэтэр кэмигэр ыраастаабат буоллаххына, 300-500 солк. диэри ыстырааптыыллара, эбэтэр сэрэтии суруйаллара көҥүллэнэр. Ол туһунан административнай бэрээдэги кэһии кодекс 10.1 ыстатыйатыгар сурулла сылдьар. Бу сырыыга, дьиэҥ турар сирэ хайа категорияҕа киирсэрэ оруолу оонньообот диэн эксперт бэлиэтээтэ.