300 тыһ солк диэри ыстыраабы төлүөххэ эбэтэр икки сылга хаайыыга барыахха сөп даачаҕа бобуулаах үүнээйини олортоххо. Онно киирсэр шалфей уонна мята. Ол туһунан РИА Новости Г.В. Плеханов аатынан РЭУ гражданскай-правовой дисциплина старшай преподавателэ Ольга Чирикова эттэ.
«Психотропнай уонна наркотическай үүнээйини олордуу иһин ыстыраап 300 тыһ солк диэри тиийэр эбэтэр икки сылга көҥүл быһыллыыта. Испииһэккэ шалфей предсказателя, мята полевая, борщевик Сосновского, мак-самосейка уонна снотворнай, психотрия зеленая, кураанах эбиэс, көнөпүлэ, кокаиновый талах, волчеягодник смертельный киирэллэр», — Чирикова тылларын информагентство суруйда.
Маны сэргэ бобуулаахтар испииһэктэригэр псилоцибиннаах уонна псилоциннаах тэллэйдэр бааллар. Даачаҕа «ипомея трехцветная» диэни олордуллубат. 2024 сыл олунньутуттан бобуулаахха киллэриллибитэ.