Дьааҥытааҕы "Алгыс" кээпэрэтиип сайылыгар Дэлэгэй төрөөтө

Дьааҥы олохтооҕо Екатерина Портнягина 2014 cыллаахха нэһилиэнньэни үүтүнэн хааччыйар ас кэмбинээтигэр «Алгыс» кээпэрэтииби арыйан, 14 үлэ миэстэтин таһаарбыта. Тэрилтэ Арктика эргимтэтигэр биир бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр. Бу күннэргэ сайылыкка үлэ үгэнэ, Дэлэгэй диэн ааттаах ньирэй күн сирин көрдө.


«Алгыс» ферма быйыл үһүс сылын Остоолбо сирин Ыыстаах сыһыытыгар сайылыыр. Манна Верхоянскай куораттан, Боронук, Боруулаах, Адыаччы, Остоолбо нэһилиэктэриттэн, Тааттаттан тиийэ бааллар. Быйыл да сүөһүлэр торолуйа уойан, үүт аһы үрүлүтэн, кыстыгы этэҥҥэ туораан тахсалларыгар ферма үлэһиттэрэ күүстэрин уураллар.

Бостууктар сарсыарда 3 чаастан «һай»-дыыр саҥалара ой дуораана буолан иһиллэр, 5 — 6 ч. диэри сарсыардааҥы ыам саҕаланар, ыан истэх аайы ынахтар үүттэрэ хойдон, эбиллэн иһэр.

Сайылыкка уопсайа 230 сүөһү баар, ол иһигэр 100-тэн тахса ыанар ынах. Быйыл ыарахан кыстык аастар да, сүөһүлэр төрөлкөйдөрө, толуу мааны көрүҥнээхтэрэ сыһыыны өссө киэргэтэр.

Улуус баһылыга Гаврил Чириков уонна улуус тыатын хаһаайыстыбатын салайааччы А.А. Потапов Ыыстаах ферматыгар тиийэн, үлэни-дьаһаҕы көрдүлэр-иһиттилэр, үлэһиттэри кытта кэпсэттилэр.

Салайааччы Екатерина Портнягина: «Хоту дойдуга ынах сүөһүнү тутар үгүс ыарахаттардаах. Уһун тымныы кыһыны туорааһын, айан-суол ырааҕа, аҥардас эбии аһылыгы – уотурбаны атыылаһан, тиэйэн аҕалтарыы 3 мөлүйүөн солк курдук буолар. От тиэйиитэ, онтон да атын араас ороскуот элбэх. Ону таһынан сүөһү хаанын тупсарарга уонна улууска сүөһү ахсаанын элбэтэр сыаллаах тыаларга элбэх сүөһүнү атыылыыбыт», — диэн кэпсиир.

«Алгыс» ферма сэбиэдиссэйэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Татьяна Ивановна Михайлова бостууктар күнүстэри-түүннэри манаабыттарын да үрдүнэн, быйыл бырдах аҕыйах буолан, сүөһүлэр ыраах баран сүтэллэриттэн, сылгы күрүөнү тоҕута көтөрүн, онон күрүө тутуутун боппуруоһун бастакынан көтөхтө. Улуус киинигэр Баатаҕайга уонна Верхоянскай куоракка күн өрүү-өрүү үүт ас бородууксуйатын ыытылларын, бензинынан үлэлиир станцияны ынах ыыр уонна үүт эрийэр кэмигэр үлэлэтэллэрин, талыллыбыт курдук үчүгэй үлэһиттэрдээҕин уонна туох кыһалҕалар баалларын туһунан кэпсээтэ.

Баһылык Г.И. Чириков Ыыстаах сыһыытыгар үлэлии-хамныы олорор “Алгыс» ферма үлэтин, олоҕун-дьаһаҕын көрөн-истэн улаханнык сэргээбитин эттэ. Кэпсэтии түмүгүнэн, торбостору ардахтан-хаартан хаххалыыр сарай уонна күрүө-хаһаа тутууларын боппуруостарыгар салалта өттүттэн болҕомто уурулунна.

«Тыа хаһаайыстыбатын муниципальнай бырагырааматын суотугар ыытыллар үлэ сүнньүнэн, саҥа типовой аныгы ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр, “Сайылык» бырагырааматын субсидиятыгар кыттыыны өйүөхпүт, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күрэхтэргэ ирдэнэр техническэй докумуоннааһынын бэлэмнииргэ көмөлөһүөхпүт», — диэн иһитиннэрдэ улуус баһылыга.

Былырыын от үүммэккэ, кээпэрэтиип бэйэтин күүһүнэн 200 туоннаны оттообута. СӨ Бырабыыталыстыбата, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 200 тонна оту кыһыҥҥы суолунан аҕалтаран көмөлөспүттэригэр, улуус салалтата өйүүрүгэр
кэпэрэтиип үлэhиттэрэ махтаналлар.

Ыыстаах ферматыгар тиийбит салалтаҕа бу күн быйаҥы, эбиллиини түстүүр бэлиэ түгэн буолла — үлэ оргуйа турар үөһүгэр биир ньирэй күн сиригэр кэллэ. Баһылык Чириков ньирэйи «Дэлэгэй » диэн сүрэхтээтэ.

This post was published on 16.06.2020 12:01 12:01