Дьааҥылар "Тыйаатыр сылын" түмүктээтилэр, "Дойдуга бэриниилээх буолуу" сылын саҕалаатылар

Дьааҥы улууһа Тыйаатыр сылын түмүктээтэ. Испэктээк күрэхтэрэ үс бастыңы быһаардылар. Улуус баhылыга Г. И. Чириков үүммүт Патриотизм сылын бэлиэтин Дьааҥы уонна Эбээн-Бытантай байыаннай комиссариата Я.Н. Шумейкаҕа туттарда. 


Дьааҥы улууһугар Тыйаатыр сылын түмүктээһин Баатаҕайга кииннэнэн ыытылынна. Манна Саха сиригэр балай да биллэр «сулустар» кыттыылара ураты көстүүнү үөскэттэ.
Испэктээктэри көрүүгэ иккис миэстэлээх Элгэс култууратын киинэ А.И. Софронов — Алампа «Таптал» дырааматын (режиссер, дириэктэр Т.А. Малькова) туруорда. Биир сүрүн оруолу — 40 саастаах Ыстапааны — бөдөң-садаң көрұңнэх
Василий Рожин итэҕэтиилээхтик оонньоото. Вася икки  тылынан суруйар, өрөспүүбулүкэҕэ биллэр, элбэх сүгүрүйээччилээх эдэр бэйиэт. Кини дыраама артыыhа буоларын дьон аан бастаан көрдө, «Хоhоонньут уол дуу?» диэн сибигинэстилэр.
«Лунный блик» диэн бастакы кинигэтин аахпыт эрэ барыта «тапталы туойар бэйиэт» диэн сэргииллэр.

Үhүс миэстэ үрдэлигэр эрэллээхтик тахсыбыт Табалаахтааҕы этническэй киин
Д.Ф. Наумов «Таптал хампаанньата» кэмиэдийэтин туруоран (режиссер С.Х. Потапова), саала иhэ күлэн биир кэм ньиргийэ олордо.

«Кубалар», «Хара харах», «Табалааҕым кыысчаана» диэн уостан түспэт ырыаларынан Саха сирин долгуппут ырыаhыт Николай Слепцов — Цой айылҕаттан дыраам-артыыс эбитин көрөөччү улаханнык биhирээтэ. Николай Чараңнаах олохтооҕо Кулун Уйбаан буолла, оруола киниэхэ анаан суруллубут курдук. «Коля холкута… адьас бэйэтин тэлгэhэтигэр сылдьар курдук. Үчүұгэйдик да оонньуур эбит!» диэн бассаап бөлөҕө өргө диэри кэпсэттэ.

Боруулаахтааҕы «Байды» норуодунай тыйаатыра (режиссер Э. Саввинов),И. Гоголев — Кындыл «Наара суох» кэмиэдийэтигэр хайыhарга өрөсүүбүлүкэҕэ ыытыллар оройуоннар икки ардыларынааҕы хайыhар күрэхтэрин хас да төгүллээх чөмпүйүөнкэтэ Е.А. Чирикова Суон Суоппуйа оруолун толордо. «Наара суоҕу син хаста да көрбүт сөбулүүр кэмиэдийэм. Елена Сергеевна оруолугар уурбут курдук барсар. Адьас киинэни көрбүт курдук буоллум», — диэн сөхпүт сыана бэтэрээнэ М. Х.Бурцева санаатын үллэhиннэ.

Хоhоон, ырыа, спорт аргыстаах сулустар дыраамаларга оонньоон киhи ис кыаҕа барамматын бигэргэттилэр. Сүрүн оруолларга буолбаталлар да, бүтүн өрөспүүбүлүкэ киэн тутта биhириир талааннара биир түhүлгэҕэ тахсан оонньооhуннара көрөөччүлэргэ умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ.

Ааптар: Раиса Чирикова

This post was published on 28.01.2020 11:22 11:22