Дьааҥылар РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ санааларын эттилэр

Арассыыйа Конституциятыгар уларытыыларга куоластааhын бүгүн сүрүн күнэ. Дьааҥы улууһун киинигэр уулуссаҕа хаамсыы элбээтэ, массыыналар ыксаабыттыы сындыыстыыллар.


Дьааҥы улууһун үрдүнэн 22 куоластыыр учаастак баар, ол иһигэр Баатаҕайга уонна аэропортка холбоон биэс учаастак үлэлиир.

Бүтүн Сойуустааҕы уопсастыба санаатын үөрэтэр киин көхтөөх кыттааччыта, Баатаҕай олохтооҕо, СӨ «Дьүөгэ» уопсастыбаннай түмсүүтүн кыттыылааҕа Сардана Потапова: «Уоппускам кэмигэр туох эрэ туhалааҕы оңорбут киhи диэн санааттан үлэлии сылдьабын. Конституцияҕа киирбит уларытыыларга 68 ыстатыйа 2 чааhын, о э. Арассыыйа төрүт омуктарын тылларын харыстааhыны биhирээтим. Маны таhынан элбэх оҕолоох улахан дьиэ кэргэңңэ туhаайыллыбыт көмөлөрү нэhилиэнньэ сэргээтэ«, — диир.

Оройуон киин балыыhатын тэрээhин үлэлэригэр кылаабынай быраас солбуйааччыта, СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна Оксана Бабенко: «Балыыhа үлэhиттэрэ 88-90% куоластыахтара диэн эрэнэбин» — диэтэ.

This post was published on 01.07.2020 19:29 19:29