Киинэ фондата 2019 сылга киллэрбит былаанын ирдэбилинэн, 49 миэстэлээх киинэ тыйаатыра Дьааҥы Баатаҕайыгар таҥыллан туруоруллар. Бырайыак сыаната 5 мөл. солк. суумалаах.
П.А. Чиряев салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи киносиэккэ 2014 сылтан үлэлиир сүрүн инсиниэр Игнатьев Роман Николаевич Дьааҥы улууһугар үлэ ыытар. «Баатаҕайга бу 24-дүс киинэ-тыйаатыра буолар. Анал тэрилин сакаастаһан, таҥан туруорабын. Бэйэм илиибинэн оҥорорбун, түмүгү көрөрбүн сөбүлүүбүн. Улахан дьон блокбастердарга, оҕолор мультиктарга сылдьалларын, кэрэ аҥардар эр киһи кытаанах санныгар тутуһан, кутталлаах киинэлэргэ сөбүлээн сылдьаллар, ужастары көрөллөрүн сөбүлүүллэр«, — диэн кэпсиир кини.
Голливуд бюджета, уоппута улахан, элбэх сценаристар, улахан павильоннар, компьютернай графикалаах элбэх студиялар бааллара, киинэ индустриятын сайдыытыгар инники турар. Саха киинэтэ уон сыл анараа өттүгэр көннөрү хаамыраҕа уһуллар эбит буоллаҕына, кэлин улам сайдан Москватааҕы, Норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээллэригэр тиийэ кыттар буолла. Саха сирэ атын дойдулартан айылҕабытынан даҕаны уратыбыт олус элбэх. Холобур, Николай Лугинов «Таас тумус» сэһэнигэр олоҕуран оҥоһуллубут «Мин үрдүбэр хаһан да күн киирбэт» диэн Любовь Борисова туруорбут киинэтэ улахан бэстибээллэргэ сэҥээриллэн көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыыта, саха киинэтэ инникилээҕин ыйдаҥардар.
«Мин эһэм киинэ-мэхээнньигэ этэ. Батыһа сылдьан көмөлөһөөччүбүн. Лиэнтэнэн көрдөрүллэр оччотооҕу киинэ-мэхээнньик үлэтэ билииҥҥи технологияҕа тэҥнээтэххэ ыарахан эбит: лиэнтэ умайан быстара, бааҥкаларга угуллубут киинэлэри нэһилиэктэн нэһилиэккэ таһыы. Билигин расписаниены туруоран кэбиһиллэр, урукку киинэ мэхээнньиктэр курдук манаан олорбоккун», — диэн саҥа кэм инсиниэрэ Роман Николаевич урукку үлэ хайдаҕын саныыр.
Кини Дьааҥы дьонун сынньалаҥыгар өссө биир көрүҥ эбиллибитинэн эҕэрдэлиир.
Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА, Дьааҥы улууһа
This post was published on 26.11.2019 13:40 13:40