Дьааҥы уонна Кэбээйи оройуоннарыгар халаан уутун содулларын туоратыыга Саха сирин бүддьүөтүттэн 225 мөл. солк. кэриҥэ үбү ыыталлар. Итинник дааннайдары бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников кыттыылаах бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕар иһитиннэрдилэр.
Дьааҥы оройуонугар үөрэх, доруобуйа харыстабылын, култуура эбийиэктэрин ититэр ситим чөлүгэр түһэриигэ наадалаах тутуу матырыйааллара бары кэриэтэ тиэрдилиннилэр.
Олохтоохтор 92%-нара биэс тыһыынча солкуобайдаах биир кэмнээх материальнай көмөнү ыллыла уонна баайы-дуолу сүтэриигэ 20 тыһыынча солкуобайга диэри биир кэмнээх материальнай көмөнү ылбыттара. Бу сыалга Саха сирин бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан 29 мөл. солк. Дьааҥы оройуонугар уонна 885 тыһыынча солк.-Кэбээйигэ ыытыллыбыт.
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн оройуон бүддьүөтүгэр, халаан уутуттан эмсэҕэлээбит чааһынай дьиэлэри бас билээччилэргэ 100-түү тыһыынчаны биэрэргэ диэн,36 мөл. солк. ыытыллыбыт.
«Саха сирин баһылыгын Айсен Николаев сорудаҕынан оройуоҥҥа сөптөөх үп номнуо ыытылынна. Киирбит үбү барытын кылгас болдьоххо тустаах дьоҥҥо тиэрдэр булгуччулаах», — диэн Дмитрий Садовников тоһоҕолоото.
100 тыһыынча солкуобайдаах көмөнү халаан уутуттан эмсэҕэлээбит 285 кыбартыыралаах дьон ылыахтаахтар.
This post was published on 26.08.2022 10:03 10:03